Ааспыт сууккаҕа куорунан эбии ыалдьыы бэлиэтэммэтэ

Тохсунньу 13 күнүгэр Дьокуускайга куорунан ыалдьыбыт киһи ахсаана 70, Абый улууһугар — биир. Бу туһунан Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаатын отделын начальнигын солбуйааччы Георгий Игнатьев мэрия планеркатыгар эттэ. 


Куор диагноһа 71 киһиэхэ туруорулунна, онтон 63-һэ Новосибирскайдааҕы анал лабораториянан бигэргэннэ, диэн Георгий Игнатьев эттэ. Дьокуускайга ааспыт сууккаҕа ыарыы эбии бэлиэтэммэтэ.

Роспотребнадзор бэрэстэбиитэлэ эппитинэн, тохсунньу 12 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ эбии 10 тыһыынча вакцина кэллэ.

Үгүс киһи үтүөрдэ, быһыы туруоруута күүскэ барар. Исписэлиистэр сабаҕалааһыннарынан, олунньуга куорунан ыалдьыы тохтуоҕа.

This post was published on 13.01.2020 15:40 15:40