Бэс ыйын 23 күнүн сарсыардатыгар Саха сиригэр 21 уот баара биллэр. Сууккаҕа икки уот бохсулунна, ол туһунан экология миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев эттэ, суруйар СИА.
«Икки уот тохтотулунна 788 гектардаах сиргэ Таатта, Мииринэй оройуоттарыгар. Барыта 21 уот баара биллэр, уопсай иэнэ 22 871 гектар. Ыксаллаах балаһыанньаҕа кэмитиэт быһаарыытынан, биэс уоту тохтотор туһунан быһаарыы ылылынна», — диэтэ Андрей Коноплев. Умуруорууга 502 киһи, 8 техника кыттар.
«Ааспыт сууккаҕа ойуур пуондатыгар үс уот турбута бэлиэтэннэ. Уус Майаҕа биир уонна Алдаҥҥа икки. Уопсай иэн – 498 гектар. Бары хонтуруолга тутуллаллар. Уоту умуруорууга үлэ барар, Авиалесохрана 12 үлэһитэ тиийдэ», — диэтэ кини.
Сиһилии https://ysia.ru/tri-lesnyh-pozhara-likvidirovali-za-sutki-v-yakutii/
This post was published on 23.06.2022 11:01 11:01