Саха сиригэр 2 уонна 7 саастаах оҕолор ааспыт сууккаҕа араас эчэйиилээх балыыһаҕа киирдилэр. Ол туһунан сэтинньи 2 күнүгэр Саха сирин прокуратурата иһитиннэрдэ.
2016 с. төрүөх оҕо батутнай кииҥҥэ сылдьан баран былыыһаҕа киирдэ. Кини батутка ыстаҥалыы сылдьан охтон түһэн эчэйии ылбыта чуолкайданар.
2021 с. төрүөх кырачаан оҕону уокка ылбыт эчэйиилэрдээх балыыһаҕа киллэрдилэр. Прокуратура иһитиннэриитинэн, кыра оҕо итии аһылыктаах тэриэлкэни бэйэтигэр тохпут.