Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 7 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит диэн, Саха сирэ суруйар.
Ол курдук, Нерюнгригэ уоруу тахсыбытын туһунан сайабылыанньа киирбит. Дьокуускайга уонна Нерюнгригэ икки түөкүннээһин тахсыбыт. Нерюнгригэ саастаах дьахтартан албыннаан туран, 348 тыһ. солк сойбоппуттар. Мииринэйгэ наркотигы эргитии тахсыбыта биллибит. Дьокуускайга уонна Томпоҕо күүһүлээһин икки түгэнэ тахсыбыт.
Уус Маайа улууһугар Звездочка бөһүөлэктэн 20 км сиргэ уот тирэҕэр үлэлии тахсыбыт электромонтер сууллубут. Хомойуох иһин, 1981 сыллаах төрүөх эдэр киһи «Суһал» массыына иһигэр тыына быстаахтаабыт. Маны быһаарыыга борокуратуура ылсыбыт. Ону тэҥэ, биир техногеннай баһаар буолбут, эчэйии суох.
Ааспыт сууккаҕа суол-тырааныспар быһылаана тахсыбатах.
This post was published on 16.11.2023 14:27 14:27