Ааспыт сууккаҕа 20 ойуур баһаарын умуруордулар

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Баһаары умуруорууга 1636 киһи уонна 169 тиэхиньикэ үлэлиир. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

«Баһаарынайдар Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар уонна Орто Халыма улуустарыгар 9 ойуур баһаарын уонна 1 айылҕа баһаарын боҕустулар», — диэн Андрей Коноплев бэлиэтээтэ. Аапыт сууккаҕа Абый, Бүлүү, Дьааҥы, Ленскэй, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар уонна Усуйаана улуустарыгар 20 ойуур уонна 1 айылҕа баһаарын умуруордулар.

Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ иһигэр федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтонон турар.

Муниципальнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Сунтаар уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар салҕанар.

Ил Дархан Ыйааҕынан 2024 сыл бэс ыйын 26 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ иһигэр ураты баһаары утары эрэсиим олохтоммута.

This post was published on 15.08.2024 11:04 11:04