Кэнники өрөбүллэргэ Саха сиригэр түөрт киһи тимирэн өлбүт, ол иһигэр биир оҕо диэн өрөспүүбүлүкэ быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Бу иннинэ Сунтаар улууһугар доҕотторун кытта Бүлүү өрүскэ сөтүөлүү сылдьан былдьаммыт 2009 с. төрүөх оҕо өлүгүн булбуттара. Оҕо сөтүөлүүргэ анамматах сиргэ сөтүөлүү сылдьыбыт. Быыһыыр сулууспа быһылаан тахсыбыт сиригэр олохтоох нэһилиэнньэни кытары үс күн устата үлэлээтилэр.
Аны бэс ыйын 29 күнүгэр ууга икки эр киһи былдьанна: Томмот куоракка Алдан өрүскэ уонна Нерюнгри улууһун Чульман өрүһүгэр.
Ууга тахсыбыт быһылааннар барыта сөтүөлүүргэ анамматах сиргэ буолбуттар. Быыһааччылар сөтүөҕэ анамматах сиргэ ууга сылдьар кутталлааҕын санаталлар. Быыһыыр сулууспа биир кэлим төлөпүөнүн нүөмэрэ «112». СӨ быыһыыр сулууспатын оперативнай сулууспатын төлөпүөнэ: 8 (4112) 45-90-19.
This post was published on 01.07.2022 17:01 17:01