Аферистар сиэртибэлэринэн алта үөрэх үлэһитэ, биэс үлэтэ суох, түөрт биэнсийэлээх, слесарь, кассир, медицина үлэһитэ, остуорас уонна атыттар.
8,5 мөл солкуобайы инвестицияҕа киирсиэн баҕарбыт киһи масыанньыктарга ыытта. Маннык түгэҥҥэ алта киһи киирэн биэрдэ, холбоон 13,6 мөл солк сүтэрдилэр.
Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үксүгэр араас биэдэмистибэттэн эрийэбит диэн албынныыллар. Холобур, Центробанк, ФСБ, МВД, Госуслуга уонна Росфинмониторинг «эрийбитигэр», 15 киһи 16 мөл солк сүтэрдилэр.
«Кредит оҥоробут» диэн схеманан үс киһи 700 -чэ тыһыынча солк матта. «Получение бонусов» схеманан биир киһи 284 тыһыынчатыттан матта.
Санаттахха, Саха сирин полицията Дагестаҥҥа 16 саастаах масыанньыгы туппута. Кини 15 саастаах Нам улууһун оҕотуттан 700 тыһыынча солк.
This post was published on 15.07.2024 11:01 11:01