Аартыка улуустарыгар түргэн интэриниэти тиэрдии үлэтэ салҕанар

Аартыка улуустарыгар сибээс волоконнай-оптическай линиятын тутуу салҕанар. Арктиканы сайыннаары  министиирин солбуйааччы Михаил Погодаев социальнай ситимнэринэн быһа тахсыытын кэмигэр аҕыйах сылынан түргэн интэриниэт Анаабыр, Муома, Үөһээ Халыма улуустарыгар  тиийиэн эттэ. 


«Былырыын түргэн интэриниэт Аартыкаҕа бастакытын Өлөөҥҥө тиийбитэ. Билигин «Ростелекому» кытары түһэрсиллибит сөбүлэҥ көмөтүнэн Анаабыр туһаайыытынан түргэн интэриниэт ситимин тутуу салҕанар. Ситим Өлөөн – Дьэлиҥдэ – Сааскылаах – Үрүҥ Хайа нэһилиэктэригэр тиийиэ», — диэтэ Михаил Погодаев.

Инновация, цифровой сайдыы министиэристибэтэ «Импульс» тэрилтэни кытары сөбүлэҥ түһэрсэн, түргэн интэриниэти Муома улууһун нөҥүө Үөһээ Халымаҕа тиэрдиэ. Салгыы Орто Халымаҕа, Черскэйгэ тиэрдэр сорук турар. Итини таһынан «Мегафон» ПАОну кытары бииргэ үлэлэһии түмүгүнэн Тиксии бөһүөлэгин түргэн интэриниэккэ холбуохтара. Итини таһынан Хандыгаттан Үөһээ Дьааҥы, Усуйаана улуустарыгар ситим тутар сорук турар.

This post was published on 29.07.2021 15:01 15:01