Климат уларыйыыта уонна ирбэт тоҥ ууллуута аан дойдутааҕы научнай кэмпириэнсийэ сүрүн тематынан буолла. Арассыыйаттан, Казахстантан, Киргизияттан, Монголияттан, Кытайтан, Индияттан, Бразилияттан, АХШ-тан уонна Японияттан научнай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ ирбэт тоҥу тутан хайдах харыстыыр уонна климат сылыйыытыттан хоромуньуну аччатар туһунан боппуруостары көрүөхтэрэ.
Кэмпириэнсийэ бүгүн Дьокуускайга саҕаланна, тэрээһин чэрчитинэн экономиканы климат уларыйыытыгар хайдах сөп түбэһиннэрэр туһунан ырыттылар. Ураты болҕомтону, сир тас кырсыгар (криолитзонаҕа) ууруохтара.
«Саха сиригэр номнуо ирбэт тоҥу оннунан хаалларыы туһунан сокуон баар, атын регионнарга маннык практика суох. Онон биһиги үлэбит биир сыала манна болҕомтону тардыы, өрөспүүбүлүкэ уопутун криолитзона баар сиригэр барытыгар тарҕатыы буолар. Ону тэҥэ, биһиги бу өр сыллаах ирбэт тоҥҥо чахчы тэтимнээхтик ириэрии баран эрэригэр научнай уопсастыбаны уонна дьон-сэргэ болҕомтотун тардыахтаахпыт. Сокуоннай аакталары ылыныы эрэ буолбакка, бу сокуоннары олоххо киллэрии наада»,- диэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет наукаҕа уонна инновацияҕа проректора Юрий Данилов иһитиннэрдэ.
This post was published on 22.03.2023 15:05 15:05