22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Аан дойдутааҕы музей күнэ: "Былатыанныын оонньуу, күлэ-үөрэ олорорбут субу баарга дылы"

10:03, 18 мая 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьыллар-күннэр былыт кэннигэр саһан, ааһан истэхтэрин аайы урукку суруллан тиһиллибит ахтыылар олус күндүтүйэн иһэллэр. Платон Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас музейын фондатыгар 1973 сыллаахха П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 80 сылыгар анаан «Таатта» совхоз биир бөдөҥ Чөркөөх отделениетын үлэһиттэрин туһунан альбом-араапара хараллан сытар.


Бу альбом-араапарга Чөркөөх маяк үлэһиттэрэ уонна П.А.Ойуунускай чугас аймахтара, нэһилиэк кырдьаҕас олохтоохторун ахтыылара кичэллэн суруллубут. Бу ахтыылартан Платон Алексеевич ойор күннээх оҕо сааһын олоҕуттан көмүскэ тэҥнээх лоскуй түгэннэри арыйабыт.

Биир улахан ахтыыны оччотооҕуга Чөркөөх орто оскуолатын учуутала Фекла Ивановна Собакина ийэтиттэн Ольга Афанасьевна (Слепцова) Мончуринаттан истибитин суруйбут. Бу Ольга Афанасьевна ахтыытыттан Платон Ойуунускай оҕо сылдьан тугу сөбүлээн оонньуурун билэр кыахтанабыт. Онон история чахчытын сыа сым курдук тутан эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.

«Ийэм Ольга ахтыыта»

Мин Хоочугур оҕонньору (Ойуунускай аҕата) билэр этим. Кини бэрт дьаданы киһи этэ. Бу оонньоон аатыттан өһүргэммэт буолара. Киниэхэ бу хос ааты баайдар куһаҕан таҥастаах дьадаҥы киһи кыһын тоҥон-хатан, хоочугураан-хаачыгыраан сылдьарын иһин элэк-күлүү оҥостон биэртэрэ.

Алексей Слепцов оҕонньор 9 оҕолооҕо, айаҕын, ону даҕаны сүрэхтээх үлэһит киһи буолан, нэһииччэ булунара. Бултуура-куобахтыыра, кустуура, балыкка туулуура, иэс-күүс тардыһара. Кинилэр кыһыҥҥы олохторо Дэлбэрийбит күөл үрдүгэр биһигиттэн чугас баара. Платону мин адьас кыра эрдэхпиттэн билэбин. Кинини 1893 с. төрөөбүтэ диэн сөпкө этэллэр эбит, мин кинилиин эт саастыы этибит. Платон оҕо эрдэҕинэ бэрт хачаайы, хатыҥыр, кубархай, күүһүнэн мөлтөх, хата, атаҕынан кытыгырас оҕо этэ.

Былыргы оҕолор оонньуулара диэн туох дуоннаах буолаахтыай? Илии-атах оонньуута, сырсыакалаһыы, тустуу, кылыйсыы, таҥараларга харах симсиитэ, хайах хостоһуута, быа тардыһыыта, ыаллаах буола, сасыһа оонньооһун эҥин буоллаҕа дии… Биһиги киинэ, испиэхтээх диэни көрбөтөх-билбэтэх дьон этибит. Оччолорго биһиги эҥэр Костя Сокольников, Уйбаанньа (эн аҕаҥ), Балаҕаччыйа (Мончурин Т.), мин сурдьум Мончурин Константин уо.д.а. диэн, кэнники оройуон үрдүнэн киэнник биллибит бөҕөстөр, ураты тэтимнээх быһый уолаттар бааллара.

Платон дьарамай, мөлтөх буолан, уопсай түмсэн оонньууларга кыттар: син сырсар, сасыьа оонньоһор буолан баран, ити оҕолортон кырагыйар, дьаахханар этэ. Инньэ гынан кыыһы кыыс диэбэккэ (ол кини кимиэхэ барытыгар сыстаҕас, сүрдээх сайаҕас, кэпсэтинньэн этэ) үксүгэр миигин кытта оонньуура да, миэхэ тугум кэлээхтиэй? Арай сыахайым эрэ буоллаҕа дии… сыахайдары таҥас кырадаһынынан, оол бу бытархайдарынан дьону, оҕону, дьахтары, эр дьону оҥорорум. Кэнники сыахайдары Платон бэйэтэ да үчүгэй баҕайытык оҥорор буолта. Сыахай дьоннорунан биһиги күнү күннээн ыаллаах буола оонньуурбут.

Сыахай дьоннорбутун дьиэлээн-уоттаан, сүөһүлээн, аттаан утутарбыт, туруорарбыт, үлэлэтэрбит-хамнатарбыт, эмиэ да эйэлэһиннэрэрбит, эмиэ да этиһиннэрэрбит. Дьоммут араас буолаллара: бааллара мааны таҥастаах баайдар, мара таҥастаах дьадаҥылар. Баларбытыгар, холобура, ыадайбыт Нээстээр Слепцов кулуба буоллаҕына хайаан да хамначчыттарын түүрэйдиирэ, мөҕөрө-этэрэ, таһыйара. Оччоҕо хамначчыт хараҕын уута тахсара, араастаан сордоноро. Билэр дьоммутун үтүгүннэрэн оҥорбут сыахайдарбыт, ол дьон тылларын-өстөрүн, бэл, дьүһүннэрин кытта көрдөрүөхтээхтэрэ.

Балаҕаччыйа Түмэппий сыахай дьиҥнээх артыыс буолара: дьоннору, дьахталлары дьиибэлиирэ, иһин тэксэтэн, улахан дагдакатын күлүгэр, сиһигэр бүтүн күтүр улахан туох эрэ утахтаах мас кытыйатын кистиирэ, дьоннортон көҥөммүтэ буола-буола күтэр этин итиилии-буһуулуу сиирэ. Сайын умайар уот куйааска нэк истээх таҥаһынан сылдьан, бүтүн күрэх ыһыах дьонун быыһыгар эмээхсинин сүгэ сылдьара, дьээбэлээхтик саҥарара уо.д.а. тэбэнэттэрдээх.

Дьэ, бу эҥин араас сыахай дьон тылларын-өстөрүн кыра эрдэҕиттэн хомоҕой баай тыллаах Платон этитэрэ. Биһиги оонньуурбутун көрө-истэ олорор, бэл, улахан дьон күлсэллэрэ. Оонньуу бүтэн, Платон үксүгэр миигиттэн хайаан да, биир эмэ сыахайы мүччү туттаран, ылан баран, дьиэтигэр куотара. Оччоҕо эккирэтиһии, муомалаһыы буолара гынан баран, биһиги хаһан да иирсибэт, мэлдьи эйэлээх буоларбыт. Кини миигин кытта оонньуу, күлэ-үөрэ олороро адьас субу баарга дылы. Дьиэ үлэтигэр дьонугар сүрдээхтик көмөлөһөрө.

Дьыллар-күннэр ааһан испиттэрэ. Платон үөрэххэ киирбитэ. Бииргэ үөрэммит дьонноро уонна учууталлар кэпсииллэринэн, кини үөрэҕи ылымтыа, үөрэҕин туйгуннук билэр сурахтааҕа. Ааҕар-суруйар буолан баран, миэхэҕэ өйүттэн, кинигэттэн да элбэх хоһооннору ааҕара, кэпсээннэри кэпсиирэ. Биирдэ биһиэхэ кини хотонтон дьиэ араарыы туһунан үчүгэй баҕайы хоһоон тыллаах хартыынаны аҕалан биэртэ. Ол бука Өксөкүлээх гиэнэ эбитэ буолуо. Арыый обургу буолан баран, дьоннорго хоһоон ааҕарын, кэпсээн кэпсиирин, бэл, олоҥхолуурун элбэхтик истэр этим. Олоҥхо тылларын хааһахтан хостообут курдук иҥнибэккэ бэрт уустуктук этэрэ, ырыатын да кыайара. Олонхоҕо кини ыалларыттан-олоҥхоһут оҕонньоттортон (кинилэр биһиэхэ хас да этилэр) үөрэммит буолуохтаах. Ханна ким олоҥхолуурун батыһа сылдьан истэрэ дииллэр. Улаатан үлэһит, суруйааччы да буолан баран, тыаҕа таҕыстар эрэ биһиэхэ сылдьар буолара. Оччоҕо биһиги кэпсэтии быыһыгар сыахай дьоннорбутун хайаан да ахтан, санаан ааһарбыт. Платону биһиги аймах уонна кыргыттарын оҕолоруттан ким эмэ утумнуон сөп этэ. Кинини мин мэлдьи күндүтүк саныыбын…

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА