Балаҕан ыйын 8 күнэ, Горнай улууһун Ааһыма нэһилиэгэ. Көмүс күһүн сылаас күнэ үүммүт. Дьон тоҕуоруһа мустубуттар. Үөрбүттэрэ-көппүттэрэ олус. «Сахатранснефтегаз» ААУо тутар-таҥар управлениета Горнай улууһун Күөрэлээх нэһилиэгиттэн Аһыма сэлиэнньэтигэр (Кировскай нэһилиэгэ) диэри магистральнай гаас ситимин тардыыны былырыыҥҥыттан саҕалаан быйыл үлэҕэ киллэрдэ. Күөрэлээхтэн Аһымаҕа диэри тардыллыахтаах магистральнай гаас ситимин уһуна 26,5 км, гаас турбатын кэтитэ 219 мм.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ Ил Дархан Егор Борисов, CӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Алексей Колодезников, промышленнность миниистирэ Андрей Панов, «Сахатранснефтегаз» ААУо генеральнай дириэктэрэ Иван Макаров, Горнай улууһун баһылыга Никита Андреей, уо.д. а. кытыннылар.
Ил Дархан Егор Борисов «Ааһыма олохтоохторун бу «күөх төлөн» аттыгытыгар кэлбитинэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Өр сылларга кэтэспит ыра санааҕыт туолла. Быйыл Ааһыматтан салгыы Бэрдьигэстээххэ диэри гаас ситимин тардыы алтынньы саҥатыттан саҕаланыаҕа. Ол курдук, бу күннэргэ куонкуруһа быһаарыллан, ситими тардыыга балай эмэ уопуттаах, үөрүйэхтээх «Сахатранснефтегаз» ААУо үүннүүр-тэһинниир буолла», – диэн горнайдарга бэрт сонуну иһитиннэрдэ.
Тоҕус туруйа уолаттарга, сэттэ кыталык кыргыттарга арыаллатан түһэлгэҕэ киирбит алгысчыт аал уоту айах тутан, алгыс маанытын этэн, уһун ураҕас уһугун аал уокка даҕайан уматан баран, улуус баһылыга Никита Андреевка биэрдэ, улуус баһылыга салгыы Ил Дархан Егор Борисовка туттараатын кытта уу-чуумпу сатыылаата. Егор Афанасьевич ураҕас уһугар умайа сылдьар төлөннөөх уоту түөрт миэтэрэ кэриҥэ үрдүктээх факелга даҕайбытыгар, модун күүс өрө уһууран күлүбүрээн таҕыста! Тыыммакка да турбут Ааһыма олохтоохторо, оҕолор, ыалдьыттар «Ураа! Ураа! Ураа!» хаһыытастылар, ким эрэ өрүтэ ыстаҥалаата, кимнээх эрэ куустустулар. «Күөх төлөн» Ааһыма олохтоохторугар саҥа олох саҕаламмытын туоһулаан, түллэҥнии-түллэҥнии өрө уһуурда, илгийэр итиититтэн тулабыт мэктиэтигэр сылыйбыкка дылы буолла.