Ленскэй олохтооҕо ааһан иһэр киһини өлөрбүтүн иһин тоҕус сылга хаайыыга барда диэн, өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
Буруйдаах киһи олорор элбэх кыбартыыралаах дьиэтин тиэргэнигэр аймаҕын кытары охсуспут. Бу кэмҥэ ааһан иһэр киһи иирсээни тохтоторго холоммут. Онуоха, охсуһа сылдьыбыт дьонтон биирдэрэ тохтото соруммут эр киһини түөһүгэр быһаҕынан охсубут. Эмсэҕэлээбит киһи сарсыныгар балыыһаҕа өлбүт.
Буруйдаах киһи кытаанах режимнээх холуонньаҕа тоҕус сылын боруостуоҕа. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.