Арктика күнүн чэрчитинэн Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр үгэс буолбут хотугу салаалары сайыннарыыга анаммыт “төгүрүк остуолга” Анаабыр, Аллайыаха, Томпо, Эбээн Бытантай, Уус Маайа, Үөһээ Халыма уо.д.а. улуустар бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Арктика дьыалаларыгар Судаарыстыбаннай кэмитиэт үгэс буолбут хотугу төрүт салаалары уонна балык хаһаайыстыбатын комплексын сайыннарарар отделын сэбиэдиссэйэ Иннокентий Баланов табаны иитии туругун туһунан иһитиннэрии оҥордо. Ол курдук, бу салааҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 106 хаһаайыстыба уонна аҕа ууһун общиналара бааллар, олорго барыта 5 тыһ. 750киһи үлэлии-хамсыы сылдьар. Таба ахсаана түһэ турара мэлдьэһиллибэт чахчы, 2017 сыл саҕаланыытыгар бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох 156тыһ. 814 таба баар эбит буоллаҕына, 2018 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 154 тыһ. 635 буолбут. Бу биричиинэтэ элбэх. Төһө даҕаны бүддүөттэн көмө, ороскуот сорох чааһын толуйууга үп-харчы көрүлүннэр базаны саҥардыы бытаана, хамнас намыһаҕа итиэннэ ол түмүгэр үлэһит илии тиийбэтэ, кыайар-хотор эдэр дьон үлэлии кэлбэттэрэ барыта үлэ көрдөрүүтүгэр охсор. Маны таһынан кэлиҥҥи сылларга бөрөлөр, эһэлэр ыстааданы манаан сылдьан табаны бултаһаллара, халлаан көҥүл кыыллара, хотойдор, саҥа төрөөбүт тугуту кытаахтан илдьэ бараллара уонна айылҕа хаппырыыһа, кыһыҥҥы халыҥ хаар, сааскы халааннар эмиэ эбиллэллэрэ ыйылынна. Салгыы биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ сири-уоту туһаныы,хаһаайыстыбаларга эмтиир-сэрэтэр үлэни итиэннэ бөрөлөрү утары охсуһуу дьаһалларын тустарынан кэпсээтилэр.
Санаа атастаһыытыгар “төгүрүк остуол” кыттыылаахтара биир сүрүн кыһалҕаны өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай таһымнаах сокуоннар харгыстары үөскэтэллэрин бэлиэтээтилэр.
— Бултааһын туһунан федеральнай сокуон биһиги усулуобуйабытыгар төрүт сөп түбэспэт, — диэтэ эбэҥкилэр ассоциацияларын бэрэсидьиэнэ Борис Николаев. — Ити иһин түүлээҕи бултааһын салаата төрүт кэҕиннэ. Урукку сылларга кырсаны бултааһын улаханнык сыаналанара, хоту дойду үгүс чулуу булчута уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара, Семен Горохов Социалистическай үлэ Дьоруойа буолбута. Билигин ол барыта хаалла. Хотугу саһыл син биир андаатар уонна куобах курдук, ахсаана наһаа элбээри гыннаҕына эстэр уратылаах, ол иһин бултаныахтаах.
— Өссө маннык баар: төһө эмит квоталаах, аҕа ууһун общинатыгар сыһыарыллыбыт сирдээх сылдьар олохтоох булчуттары борохоньуор быһыытынан көрөннөр, суут иннигэр туруорар буоллулар. Федеральнайсокуон ыстаада табатын маршруттарынан көһөрө сылдьарын учуоттаабат, айахтарыгар бултаан аһылларын бобор. Оччотугар көс олохтоох табаһыттар тугу аһаан-сиэн киһи-хара буолалларый, үлэлииллэрий-хамсыылларый? Быһата ити сокуон сылга биирдэ-иккитэ айылҕаҕа чэччийэ тахсар куорат дьонугар эрэ анааан оҥоһуллубут, — диир Эдьигээн улууһуттан аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин салайар Лидия Атласова.
Балыктааһын туһунан сокуон эмиэ кэккэ итэҕэстэрдээх эбит. Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу омуктар утарынан туһанарга кубуотата суох балыктыылларын көҥүллүүрүн үрдүнэн, айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин исписэлиистэрэ эмиэ олохтоохтору эрэ манаһан тахсаллара этилиннэ. Ону таһынан кэлиҥҥи кэмҥэ балык лаппа аҕыйаабыта бэлиэтэннэ. Ити биричиинэтинэн салгын сылыйыыта, өрүстэр сүрүн үөстэрэ уларыйыытын итиэннэ араас киэптээх тэрилтэлэр балыгы эһэ бултааһыннарыттан тахсарын бэлиэтээтилэр.
This post was published on 23.03.2018 12:30 12:30