Ил Дархан Егор Борисов 2014 с. ахсынньы 12 күнүгэр Арктика сылын түмүктүүр итиэннэ Аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт омуктар ассоциациялара тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтиир мунньахха кулун тутар 19 күнүн Арктика күнүнэн олохтуурга эппитэ. Онтон ыла сыл ахсын бу күҥҥэ Арктика күнүн бэлиэтиибит.
Быйылгы Арктика күнүн көрсөр тэрээһин эрдэттэн саҕаламмыта: кулун тутар 3-4 күннэригэр киин куоракка, Хомсомуол болуоссатыгар балык быыстапка-дьаарбаҥката ыытыллыбыта.
Сүрүн дьаһаллар бу нэдиэлэ устата буолаллар. Ол курдук, кулун тутар 19 күнүгэр П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыгар «Хоту дойду – мин төрөөбүт кыраайым» диэн Аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт омуктар судаарыстыбаннай тыйаатырдарын артыыстарын кэнсиэрэ буолан ааста. Кулун тутар 19-20 күннэригэр А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Арктика эйгэтэ” III эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥка, “Россия Арктиката. Баһылааһын уонна чинчийии” филателистическай быыстапка ыытылыннылар. Кулун тутар 20-21 күннэригэр Дьарыктаах буолуу киинигэр арктическай уонна хотугу улуустарга үлэлии барыахтарын баҕалаахтарга үлэ дьаарбаҥката тэрилиннэ.
Бүгүн «Ааспыты сыаналыыбыт, кэлэр кэми айабыт» девиһинэн аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт олохтоох омуктар VII сийиэстэрэ саҕаланна. Бу дьоһун сийиэскэ хотугу омуктар социальнай-экономическэй уонна култуурунай сайдыыларын боппуруостара дьүүллэһиллэр. Духуобунай нэһилиэстибэҕэ, бырамыысыланнас тэрилтэрин кытары бииргэ үлэлээһиҥҥэ, табаны иитии, балыктааһын уонна бултааһын курдук төрүт салаалары сайыннарыыга, көс ыалларга, социальнай көмүскэли хааччыйыыга анаммыт былаһааккаларынан санаа атастаһыылара тэриллэллэр, тустаах министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ уонна Ил Түмэҥҥэ көрсүһүүлэр буоллулар.
Сийиэс пленарнай мунньаҕар Аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт омуктар ассоциацияларын уонна этническэй холбоһуктар салайааччылара бэйэлэрин үлэлэрин туһунан билиһиннэрдилэр. Ону таһынан, Ассоциация бэрэсидьиэнэ, кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, эрэбиисийэлиир хамыыһыйа уонна сүрүннүүр сүбэ чилиэннэрэ талылыннылар. Киин куоракка сылдьар кэмнэригэр дэлэгээттэр Медицинэ национальнай киинигэр доруобуйаларын туругун көрдөрүнүөхтэрэ, эмтэниэхтэрэ.
Кулун тутар 22-24 күннэригэр «Сосновый бор» Оҕо сынньанар-чэбдигирэр киинигэр «Арктика оҕолорун оонньуулара» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии тэриллиэҕэ.
Арктика күнүн чэрчитинэн улуустарга эмиэ кэккэ дьаһаллар тэриллэллэр. Элбэхтэн саамай боччумнаахтарын холобурдаатахха, кулун тутар 28-31 күннэригэр Эбээн Бытантай национальнай улууһугар Хотугу омуктар III Оонньуулара, муус устар 1-4 күннэригэр Нерюнгри Иенгратыгар табаны иитиигэ аналлаах аан дойду таһымнаах сэминээр тэриллиэҕэ итиэннэ оҕолорго уус-уран уруһуй өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиитэ ыытыллыа.
Муус устар 2 күнүгэр Дьокуускайга биллиилээх табаһыт, табаны иитиигэ ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, “Ленин” уонна “Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ” уордьаннар кавалердара Петр Погодаевтөрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт уопсастыбаннас мунньаҕа буолуоҕа. Онон, Арктика күнүн бэлиэтээһин диэн норуот бырааһынньыга буоларын таһынан, сыл устата ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы ырытан-ырыҥалаан көрүү, саҥа сыл соруктарын туруоруу буолар.
This post was published on 21.03.2018 15:05 15:05