Аһаа уонна сиэ диэн туохтуурдар төрүт суолталарыгар биир өйдөбүлү бэлиэтииллэрин быһыытынан, бэйэ-бэйэлэригэр синонимныы сыһыаннаахтар. Кинилэр аһааһын өйдөбүлүн туох да эбии дэгэтэ, кырааската суох чопчу, көнөтүк бэлиэтээн этэллэр, ол эрэн өйдөбүлү хабар кэриҥнэрэ тус-туспа.
Васильева Надежда Николаевна
тыл билимин хандьыдаата
РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах
ахсааннаах омуктар проблемаларын института
Дьокуускай к.
Аһаа туохтуур өйдөбүлү биэрэр суолтатын кэриҥэ быдан киэҥ, онон «Саха тылын Быһаарыылаах улахан тылдьытыгар» маннык быһаарыыны ылар: Бэлэм эбэтэр бэйэҥ астаабыт аһылыккын сиэ (сиэ диэннээҕэр киэҥ суолталаах). Холобур: Аҕаа, киирэн аһылыккын аһыаҥ үһү. А. Софронов [2, с. 600]. Суолтатын кэриҥэ киэҥ буолан, аһаа туохтуур туһаайыллар эбийиэгэ чопчута суох буолар уонна кини киһи-сүөһү тыыннаах буолаары аһы ыйыстан, иһигэр киллэрэн өллөнөр процеһын уопсайынан бэлиэтиир. Дьэ, ол иһин, тото аһаа, аһаан иһиҥ, аччык буолуоххут; аанньа аһаабат, аһаан бүттүлэр, аһаабатахпыт үс хонно, аһыырбыт суох буолла эбэтэр кустар аһыы сылдьыллар, ынахпыт аһын аһаабат, убаһа аһыыр диэн курдук тыынар тыыннаах барыта тугу сиирин чопчулаабакка эрэ аһы иһигэр ыйыстан киллэрэн өллөнөрүн туһунан этиллэр. Маны таһынан, аһыыр хос, аһыыр остуол курдук холбуу тыллар аһаа суолтата процеһы чопчулаабакка эрэ бэлиэтиириттэн үөскээбит буолаллар.
Оттон сиэ диэн туохтуур чопчу туох эмэ аһылыкк туттуллар, ол эбэтэр аһааһын өйдөбүлү хайа эрэ өттүнэн чопчулаан биэрэр, туһаайыллар эбийиэгэ чопчу ханнык эмэ ас көрүҥэ буолар. Холобур: эттэ сиэ, алаадьы сиибин, килиэптээн сиэ, кэмпиэт сиир, балык сиибит. Сиэ суолтата маннык кэриҥнээх буолан, Тылдьыкка эмиэ соннук кэриҥнээх быһаарыы бэриллэр: аһы эбэтэр тугу эмэ айаххар уган ыстаан ыйыһын, аһылык гынан аһаа [3, с. 466]. Онон, аһаа уонна сиэ туохтуурдар суолталарын кэриҥэ биир тэҥэ суох да буоллар, аһааһын өйдөбүлүн арыйалларын быһыытынан, синонимныы сыһыаннаахтара көстөр.
Аһаа уонна сиэ туохтуурдар пааралаһан эмиэ туттуллаллар. Маннык туттууттан саҥа дэгэттээх суолта үөскүүр: сиэ—аһаа. Тугу эмэ сиэ, ас гынан аһаа (үксүн элбэх аһы иҥсэлээхтик сиир туһунан). Холобур: Бурдугу ахтан иэдэйбит дьон үрдүгэр түһэн үчүгэй аҕайдык саламааттаан ыргытан сиэн—аһаан баран, утуйан хаалыа этилэр. Н. Заболоцкай [3, с. 469]. Бу туохтуурдар аһаа—сиэ эбэтэр сиэ—аһаа диэн бэрээдэгинэн туттуллууларыттан суолталара улаханнык уларыйбат, онон Тылдьыкка паараласпыт тыллары киллэрии быраабылатын быһыытынан, биир эрэ көрүҥ, чуолаан сиэ—аһаа, киллэриллибит. Арааһа, сиэххэ—аһыахха дылы (айылаах) диэн сомоҕо домоҕу ылаары бу барыйаан талыллыбыт буолуон сөп. Оттон аһаа—сиэ барыйаан Тылдьыкка киирбэтэҕин түмүгэр, кини суолтатыгар көстөр ‘арыгы иһэ—иһэ аһаа’ диэн дэгэт, хомойуох иһин, ылыллыбакка хаалбыт. Картотека матырыйаала көрдөрөрүнэн, итинник туттуу тылга көстөр эбит, холобур: Кинилэр, туох кистэлэй, уруккута элбэхтик аһаабыт—сиэбит, истиҥ дууһаларын кэпсэппит ахан дьон буолуохтаах этилэр. [4, с. 102]. Кэргэнэ төһө да буойустар, Пуд Ильич дьону кытта сылдьан аһыырын—сиирин, сэһэргэһэрин сөбүлүүр, онно кини үөрэр, онно кини мааһа табыллар, тириитэ тэнийэр. [5, с. 111].
Бу аһаа уонна сиэ туохтуурдартан ураты аһааһын өйдөбүлэ суолталаах туохтуурдар саха тылыгар син балайдалар. Кинилэр бары да кэриэтэ суолталарыгар, туттуллууларыгар бэйэ-бэйэлэриттэн туох эрэ уратылаһар дэгэттээхтэр. Итинник уратылаһыылар, биллэн турар, синонимнар кэккэлэрин байытар, өйдөбүлү араас өттүттэн чопчулаан биэрэр тылларынан хаҥатар.
Тылдьыкка бэриллибит суолталар быһаарыыларыттан кинилэр уратылаһар дэгэттэрэ син балайда ырылхайдык көстөллөр (Тылдьыт туһааннаах туомнарын көр). Олору холобурдаан көрүөххэйиҥ:
МАҤЫЙ туохт. Харса суох симин, иҥсэлээхтик аһаа-сиэ. Кини диэтэх туттуна—кыбыста барбата, аһаан маҥыйа олордо. Саха сэһ.
МОТУЙ туохт., кэпс. Тугу эмэ улахан-улаханнык уоба-уоба ыстаан иҥсэлээхтик сиэ. Оҕонньор … санаата—оноото суох арыылаах килиэби мотуйбутунан барда. П. Ойуунускай.
МОТУРҔАТ туохт. Айаххар толорутук уобан иҥсэлээхтик, тыастаахтык сиэ, аһаа. Таня улахан киһи курдук арыылаах лэппиэскэни, хойуу суораттаах күөрчэҕи мотурҕата олордо. Дьүөгэ Ааныстыырап.
МЭЭТИРГЭТ туохт., кэпс. Амтаһыйа-амтаһыйа бытааннык тугу эмэ сиэ. Оҕонньордоох эмээхсин мундуларын, соболорун бэйэлэрэ мээтиргэтэн кэбиспиттэр. Саха ост.
ЛЭБИЙ туохт. Хойуу аһы минньигэстик амтаһыйан сиэ. Толлор Ньукулай сааскы убаҕас суораты минньигэс баҕайытык лэбийэ олорор. Н. Якутскай.
ХАБЫАЛАА туохт., кэпс. Аскын түргэн-түргэнник иҥсэлээхтик ыстаа, ыйыһын. Дьаакып оҕонньор арыылаах алаадьыны хабыалаан, уоһа—тииһэ ньалҕарыйда. Айталын.
УОБАЛАА туохт., кэпс. 2. Иҥсэлээхтик, өрүһүспүт курдук түргэнник аһаа. Нөҥүө хоско икки саллаат эмис эти уобалыыллар, кэрээнэ суох кэпсэтэллэр. Н. Түгүнүүрэп.
СИМИН туохт., көсп., кэпс. Олус элбэҕи ыга тотуоххар дылы сиэ, хаалан. Остуолга аата—ахса суох лэппиэскэ, арыы, баахыла элбэх эбит. Онтон иһэ ыларынан симиннэ, күскэччи тотто. Н. Түгүнүүрэп.
ХААЛАН туохт., көсп., кэпс. Тото-хана аһаа-сиэ, элбэҕи аһаа, симин. Сылаас сыаны харса суох хааланан, быһыыта, уҥуоҕурдаабыт этэ. А. Сыромятникова.
ЛОБУЙ туохт. Баһа-баһа сиэ (хойууну). Ааныска сурдьа бэс үөрэни мас хамыйаҕынан бэрт минньигэстик сиэн лобуйарын астына, таптыы көрөн олордо. С. Никифоров.
ЛЭБИРГЭТ туохт., кэпс. 2. Хойуу аһы түргэн-түргэнник баһыалаан сиэ. Сүөдэр Сүөдэрэбис килиэби мотуйда, сугуннаах сүөгэйи лэбиргэттэ. П. Аввакумов.
ӨЛЛӨН туохт. Кыратык аһыы түс, өллө хап. Отонноон сиэн, өллөммүт курдук санаммыта. Далан.
ҮССЭН туохт. Кыратык аһыы түс. “Үссэнэ түһэн баран, үлэҕитин кытаатыҥ!” – Николай сотору—сотору ордоотуура. А. Сыромятникова.
МОТУҤНАТ туохт., кэпс. Айаххар толорутук уобан, тохтоло суох ыстаа (хол., эти). Оҕонньор буспут сыалаах этин сиэн мотуҥната олордо. И. Никифоров.
МОТУЙУКТАТ туохт., кэпс. Түргэн-түргэнник ыстаан тугу эмэ тохтоло суох сиэ. [Убаһалар] кэлин дьааһыктарга сиэмэни куттахтарына эрэйэ суох сиэн мотуйуктатар буолбуттара. В. Протодьяконов.
КЫЛТАҔЫР туохт. Мөлтөхтүк аһаа, аанньа аһаабат буол. Ланцов остолобуойга туох ас бэриллэрин үрдүгэр түсүһэн, былдьаһа-былдьаһа аһаан испэт. Кылтаҕыран, ким эрэ аҕалан, уунан биэрэрин кэтэһэр. И. Никифоров.
ЧАЛҔАРЫЙ туохт. 3. Элбэх аһы аһаа (хол., арыылаах-сыалаах аһы). Суруксут уонна кинээс чэйдээн, аһаан чалҕарыйан бүтэллэр. Н. Якутскай.
ЧАЛЛАРЫЫННАА туохт. Кэмэ суох элбэх аһы аһаа-сиэ. Иһэн-аһаан чалларыыннаан бардылар. Р. Баҕатаайыскай.
ЧАЛБАРАҤНАА туохт. Элбэх, араас аһы-үөлү дэлэйдик, ыһа-тоҕо аһаа. Күөһү хоторон, киэһэни быһа аһаан-сиэн чалбараҥнаатылар. Болот Боотур.
ЧАЛБААТТАА туохт. 2. көсп. Дэлэй аһы тоҕо-хоро элбэхтик аһаа. Биһиги аһаан-сиэн чалбааттаан бүтэн, балыктыырга тэриннибит. Софр. Данилов.
МЭҤИЭҺИН туохт., үөхс. Тугу эмэ (хол., элбэх аһы) аҕыйахтык уобалаан сиэн, ыйыстан кэбис. Туһахха иҥнэн Тоҥон өлбүт Бэлэм куобаҕы Мэҥиэстэн баран, Маҥалайа туолумуна Хара суор Хаппыт мэҥиэ сытарын Харахтыы оҕуста. Р. Баҕатаайыскай.
ДЭЛБЭРИЙ туохт., кур. Тугу эмэни олус иҥсэлээхтик, оботтоохтук сиэ, ис. «Аһыаххытын баҕарар буоллаххытына, баран лааппыттан ылан, дэлбэрийэ охсуҥ!» — диэт, Евстигней атын самыытын быһа биэрэр. Н. Якутскай.
Бу туохтуурдар суолталарыгар бары аһааһын өйдөбүллээх буоланнар, аһаа/сиэ диэн туохтуурдарга синоним кэккэтин үөскэтэллэр: АҺАА / СИЭ / СИЭ-АҺАА / АҺАА-СИЭ / МАҤЫЙ / МОТУЙ / МОТУРҔАТ / МЭЭТИРГЭТ / ЛЭБИЙ / ХАБЫАЛАА / УОБАЛАА / СИМИН / ХААЛАН / ЛОБУЙ / ЛЭБИРГЭТ / ӨЛЛӨН / ҮССЭН / МОТУҤНАТ / МОТУЙУКТАТ / КЫЛТАҔЫР / ЧАЛҔАРЫЙ / ЧАЛЛАРЫЫННАА / ЧАЛБАРАҤНАА / ЧАЛБААТТАА / МЭҤИЭҺИН / ДЭЛБЭРИЙ. Кинилэр суолталарыгар сүнньүнэн киһи-сүөһү хайдах быһыылаахтык аһыыра, төһөнү сиирэ дэгэттэнэн көстөр. Ордук чаастатык киһи элбэҕи аһыыра (симин, хаалан, чаалбааттаа, чалбараҥнаа, чамарыыннаа, чалбарый), аһыырын түргэнэ (хабыалаа, уобалаа, лэбиргэт, мотуйуктат, мэҥиэһин, маҥый, мотуҥнат), төһө иҥсэлээхтик аһы сиирэ (маҥый, мотуй, мотурҕат, дэлбэрий, лобуй, мотуҥнат) туохтуурдар суолталарыгар дэгэт быһыытынан араарыллан өйдөнүллэллэр. Маны таһынан, биирдиилээн туохтуурдар аһааһын төһө тыастаахтык (мотурҕат), бытааннык (мээтиргэт), кыратык (өллөн, үссэн), мөлтөхтүк (кылтаҕыр), кылгас кэмҥэ (өллөн, үссэн) буоларын дэгэттээн көрдөрөллөр.
Туттуллууларынан ылан көрөр буоллахха, бу ‘аһаа’ диэн өйдөбүллээх туохтуурдар үгүстэрэ кэриэтэ кэпсэтии истиилигэр туттуллаллар диэн бэлиэлээхтэр, оттон мэҥиэһин — үөхсүү тыла, дэлбэрий – куруубай тыл диэн бэлиэ ылбыттар.
Түмүк быһыытынан эттэххэ, ‘аһаа’ диэн өйдөбүллээх синоним кэккэтэ араас дэгэт суолталаах тылларынан баай, онон тула өттүттэн өйдөбүлү төһө кыалларынан толорутук көрдөрөр кыахтаах эбит диэххэ сөп.
Туһаныллыбыт литература
- Васильева Н.Н. Лексические синонимы в языке саха. – Якутск: ИГИ АН РС(Я), 1996. – 116 с.
- Саха тылын Быһаарыылаах тылдьыта. I т. (А буукуба). – Новосибирск: Наука, 2004. – 680 с.
- Саха тылын Быһаарыылаах улахан тылдьыта. VIII т. (С – сөллөҕөр). – Новосибирск: Наука, 2011. – 572 с.
- Заболоцкай Н. Дабаан. – Якутск: Якуткнигоиздат, 1965. – 196 с.
- Далан. Аар тайҕам суугуна: Сэһэн. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1980. – 200 с.
This post was published on 21.05.2021 11:02 11:02