"Аҕа уонна уол" өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытыллыаҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Аҕа уолунаан кыттар «Аҕа күрэҕэ» куонкурус быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытыллыаҕа.

Ол туһунан үлэ миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова эттэ. «Куонкурус быйыл 24 төгүлүн ыытыллар. Муус устар саҕаланыыта Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар буолуоҕа. Аҕа күнүгэр ананар, күрэхтэһии түһүмэхтэрэ спорт көрүҥнэриттэн уратылаһар. Ааспыт сылга Тааттаҕа Туора-Күөлгэ буолбута. 15 улуустан 17 хамаанда кыттыбыта», — диэтэ кини.

This post was published on 13.02.2024 14:05 14:05