Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии икки кыттыылааҕа быйыл дьиэ ылла

Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин дьиэнэн-уотунан хааччыйыыга анаммыт РФ президенин уурааҕынан 2009-2015 сылларга 1453 бэтэрээн дьиэ ылбыта.


2015 сыллаахха сэрии 22 кыттыылааҕын дьиэлээбиттэрэ.

Оттон быйыл ыам ыйын 9 күнүн көрсө Нерюнгри оройуонугар уонна Дьокуускайга олорор икки бэтэрээн дьиэ ылан үөрүүлэрэ үрдээтэ.

This post was published on 06.05.2016 16:44 16:44