Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа 100 сааһын туолла

Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Төҥүлү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николай Дмитриевич Черкашин 100 сааһын туолла. Киниэхэ «Үйэ саас» бэлиэни туттардылар.


Николай Дмитриевич 1921 сыллаахха Араҥас нэһилиэгин Титииктээх сиригэр колхуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. 1937 сыллаахтан «Социализм суола» колхуоска үлэтин саҕалаабыт. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1943 сыллаахха ыҥырыллар.

Николай Черкашин 46-с стрелковай полкаҕа 47981№-дээх байыаннай чааска сулууспалыы сылдьан, ыалдьан, өр эмтэнэн, бастакы группалаах инбэлиит буолан, 1944 сыл муус устар ыйыгар дойдутугар төннөр.

Тырахтарыыс идэтигэр үөрэнэн «Социализм суола», «Октябрь», «Максим Горькай» колхуостарга, кэлин Мэҥэ-Хаҥалас Төҥүлүтээҕи учаастагар үлэлиир. Иккитэ коммунистическай үлэ ударнига буолар.

Олоҕун аргыһынаан Артемьева Анна Васильевналыын уон оҕолоохтор. Биэс уоллара бэһиэн аармыйаҕа сулууспаны ааспыттар. 2005 сыллаахха ыал буолбуттара 50 сылыгар өрөспүүбүлүкэ «Ытык ыаллара» Бочуот кинигэлэригэр киирбиттэрэ.

This post was published on 02.07.2021 12:01 12:01