Бу күннэргэ «Якутия» авиахампаанньа Нерюнгри-Москва хайысханан ураты рейсин оҥордо. Бу рейсинэн оккупацияны туораабыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Мария Хабибулловна Абдулина көттө, суруйар Саха сирэ саайт.
Мария Хабибулловна төрөөбүт Геническ куоратын фашистар былдьыыр кэмнэригэр, кыысчаан 12 саастааҕа. Кыыс ийэтин уонна икки убайын кытта тыйыс тымныыга 200 гр кэриэрбит килиэп туһугар үлэлээбит. Куорат босхоломмутун кэннэ дьиэ кэргэнинэн Сталино куоракка көспүттэр (билигин Донецкайга). Онно Мария үөрэммит, үлэлээбит, ыал буолбут. Хомойуох иһин, 2014 с. сэрии кини олоҕор хаттаан эргиллибит. Мария Хабибулловна дьиэтигэр хаалыан баҕарбыт эрээри да, 2018 сыллаахха кинини Арассыыйаҕа ыарахан турухтаах аҕалбыттар. 2023 сыллаахха бэтэрээн Арассыыйа пааспарын ылбыт.
Билигин Мария Хабибулловна кыыстаах, икки сиэннээх уонна түөрт хос сиэннээх. 95 сааһыгар Москваҕа Кыайыы параадыгар бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан ыҥырыллыбыт.
«Мин Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөбүн!» — диэн кини киэн туттан этэр. «Якутия» авиахампаанньаҕа болҕомтотун уонна ытыктабылын иһин махтаныахпын баҕарабын. Итиэннэ экипажка, пилоттарга уонна кыргыттарга улахан махтал».
Санатан эттэххэ, «Якутия» АХ «Кыайыы күнэ» аһымал аахсыйаны ыытар. Сыл устата Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ босхо көтүөхтэрин сөп.
This post was published on 05.05.2025 17:15 17:15