Аҕа дойду сэриитигэр анаммыт аудиокинигэни Саха сиригэр таһаарыахтара

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин национальнай библиотеката «Наши прадеды – поколение героев» аудиокинигэ таһаарыаҕа. Манна ыччат бэйэтин геройун туһунан суруйбут эссетин куонкурсугар бастыҥнарынан ааҕыллыбыт үлэлэр киириэхтэрэ.

Үлэлэр кулун тутар 1 күнүттэн ыам ыйын 20 күнүгэр диэри ылыллаллар. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Аудиокинигэ электроннай бибилэтиэкэҕэ аһаҕас туттууга баар буолуоҕа.

Куонкурус Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананан Б.Н. Ельцин аатынан президентскай бибилэтиэкэ бьырайыагын олоххо киллэрии чэрчитинэн ыытыллыаҕа.

Өрөспүүбүлүкэҕэ президентскай бибилэтиэкэни тэрийэр туһунан сөбүлэҥҥэ ИЭФ-2023 былаһааккатыгар Ил Дархан Айсен Николаев уонна тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Юрий Носов илии баттаабыттара.

This post was published on 01.02.2024 14:33 14:33