«Якутия» авиахампаанньа Аҕа дойду көмүскээччилэр күннэринэн сибээстээн, Арассыыйа иһинэн көтөргө билиэт сыанатын 30% диэри чэпчэтиэхтэрэ.
Чэпчэтиилээх билиэттэри олунньу 23-26 күннэригэр эрэ ылыахха син. Бу билиэттэринэн 2023 сыл олунньу 23 күнүттэн муус устар 25 күнүгэр диэри көтүөххэ сөп.
Чэпчэтиилээх билиэтинэн 12-тэн үөһэ саастаах пассажирдар туһаныахтарына сөп, уонна субсидиялаах билиэттэргэ чэпчэтии көрүллүбэт.
This post was published on 21.02.2023 11:20 11:20