Халлааммыт биллэрдик сылыйан, таһырдьа сибиэһэй салгыҥҥа эти-хааны эрчийэр, күүһү-уоҕу мунньунар үтүө күннэр-дьыллар үүннүлэр. Манан сибээстээн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Спорка министиэристибэтэ Н.Н.Тарскай аатынан “Туймаада” стадиоҥҥа сайыҥҥы спортивнай сезону саҕалыырын туһунан иһитиннэрэр.
Ол курдук, муус устар 29-30 күннэригэр, стадиоҥҥа «Аһаҕас аан» күннэрэ биллэриллэллэр. Бу күннэргэ стадиоҥҥа кэлэн эрчиллии, сүүрүү төлөбүрэ суох, киирии Лермонтов уулусса өттүнээҕи аанынан. Онон сарсыарда 6-тан киэһэ 20 чааска диэри стадиоҥҥа чэбдигирдэр сүүрүүнү, хаалыктаах хаамыыны, эбэтэр эти-хааны уһугуннарар сэрээккэни кэлэн оҥоруоххутун сөп.
Ыам ыйын 1 күнүттэн сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сүүрүү сөргүтүллэр. Киин куорат олохтоохторун көрдөһүүлэринэн, “Туймаада” стадиоҥҥа сарсыардааҥы сэрээккэ бириэмэтэ уһатыллан биэрдэ. Ол курдук, сэрээккэҕэ анаан стадион аана аны сарсыарда 6 чаастан 10 чаас 30 мүнүүтэҕэ диэри аһаҕас буолуоҕа. Киириитэ – босхо.
Маны тэҥэ, стадиоҥҥа эти-хааны эрчийэр тренажердар туруорулуннулар. Онон, сааскы ылааҥы күннэргэ айылҕалыын тэҥҥэ уһуктан, үөрэ-көтө эппитин-хааммытын эрчийиэххэ, күүстэ-уохта мунньунуохха, доруобуйабытын бөҕөргөтүнүөххэ.