Билиги балыыһаларга, быраабыла быһыытынан, COVID-19 дьаҥы уонна ойоҕостотууну эрэ буолбакка, ыараханнык тумуулаабыт дьону эмиэ эмтииллэр. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин саҥа бирикээһэ балаҕан ыйын 28 күнүгэр күүһүгэр киирдэ, суруйар “Парламентская газета”.
Билигин ОРВИ сибикилээх дьонтон короновируска уонна тумууга анаалыстары ылаллар. Түмүгэ биллиэр диэри ыарыһах шлюзтаах боксаҕа эбэтэр палаатаҕа сытар. Өскөтүн ковидка анаалыс «отрицательнайы» көрдөрдөҕүнэ, тумуулаабыт киһини 2-3 эбэтэр 4 миэстэлээх палаатаҕа көһөр. Коронавирус бигэргэннэҕинэ, анал балыыһаҕа ыытыллар.
Смородинцев аатынан тумуу институтун базатыгар быраастарга консультация биэрэр иккис федеральнайдааҕы дистанционнай киин үлэлиэҕэ. Ыараханнык тумуулаабыт дьону хайдах эмтииргэ сүбэлэри оҥоруохтара.