Чурапчы улууһугар Российскай Федерация Бэрэсидьиэнин талыыга үс күннээх быыбар түмүктэннэ. Быыбар түмүктэрэ Арассыыйа уһун болдьоххо инники сайдыытын, кэлэр кэскилин быһаарар суолталанна.
Улуус Киин быыбардыыр хамыыһыйата бу сарсыарда иһитиннэрбитинэн, оройуон үрдүнэн 10013 (74.96%) киһи быыбарга кытынна. Баһыйар үгүс куолаһынан Владимир Путин кыайда, киниэхэ 9077 (90.65%) киһи быыбардаата. Николай Харитоновка 534 (5.33%), Владислав Даванковка 282 (2.81%) уонна Леонид Слуцкайга 71 (0.71%) киһи куоластарын биэрдилэр.
Степан Саргыдаев, Чурапчы улууһун баһылыга:
Быыбар хампаанньата этэҥҥэ ыытыллыбытын курдук, үс күннээх быыбардааһын туох да кэһиитэ суох, баар бары сокуоннары тутуһан, үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Саамай сүрүнэ – дьон-сэргэ баҕатын хоту көҥүллүк, холкутук быыбардыыра хааччылынна. Улууспут олохтоохторо быыбарга кыттыылара көхтөөх. Ол курдук быыбар учаастактарыгар бүтүн дьиэ кэргэнинэн кэлитэлээн куоластаатылар. Ити барыта биир дойдулаахтарбыт үрдүк гражданскай эппиэтинэстээхтэрин көрдөрдө. Быыбардыыр иэһи чиэстээхтик толорбут уонна ханнык да политическай көрүүттэн хааччахтаммакка кэлэн куоластаабыт бары бар дьоммор барҕа махтал буоллун!
Билигин учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрэ хандьыдааттар иһин бэриллибит куолаһы ааҕыыны саҕалаатылар. Бу күннэргэ олохтоохтор куоластыы кэлиилэрин хааччыйыыга, тэрийиигэ үлэлээбит муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталарыгар, быраабы харыстыыр уорганнар бэрэстэбиитэллэригэр, уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэргэ улахан махталбын тиэрдэбин!
Суруйда: @sanaoloh
This post was published on 18.03.2024 10:01 10:01