9-с уонна 11-с кылаастары түмүктүүр эксээмэннэр 2024 сыллааҕы расписаниелара бигэргэннэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

РФ үөрэх министиэристибэтэ уонна Рособрнадзор ЕГЭ, ОГЭ уонна ГВЭ түмүктүүр эксээмэннэр 2024 сыллааҕы расписаниеларын уонна ханнык саҥа быраабылалар киирбиттэрин бигэргэттилэр.

ЕГЭ

Эрдэлээн туттарыы — кулун тутар 22 — муус устар 22 күннэрэ;

Сүрүн түһүмэх — ыам ыйын 23 — от ыйын 1 күннэрэ;

Эбии түһүмэх — балаҕан ыйын 4 — 23 күннэрэ.

ОГЭ уонна ГВЭ

Эрдэлээн туттарыы — муус устар 23 — ыам ыйын 18 күннэрэ;

Сүрүн түһүмэх — ыам ыйын 21 — от ыйын 2 күннэрэ;

Эбии түһүмэх — балаҕан ыйын 3 — 24 күннэрэ.

Сиһилии https://ysia.ru/utverzhdeno-raspisanie-provedeniya-ege-oge-i-gve-v-2024-godu/

This post was published on 11.01.2024 14:02 14:02