8200-тэн тахса ыал «Үйэ оҕолоро» хапытаалы туһаҕа таһаарда

Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА

Ахсынньы 4 күнүнээҕи туругунан, «Үйэ оҕолоро» сыаллаах хапытаалы биэриигэ 19 630 быһаарыы ылылынна. Ол иһиттэн 8 242 сайабылыанньалаах көрүллүбүт сууматтан уопсайа 664 мөл солк тутунна.

Сүрүн хайысхаларынан олорор дьиэни тупсарыы (6 261 сайабылыанньа 490 мөл солк) уонна тырааныспар ылыыта (1 804 сайабылыанньа 160 мөл солк).

48 ыал оҕо аатыгар бааннарга уурунуу арыйда, 45 – бэйэ хаһаайыстыбатын тэрийдэ, 40 — оҕолорун үөрэҕэр, 28 – оҕоҕо үрдүк технологиялаах көмөҕө, 16 – дойду устунан дьиэ кэргэнинэн сынньалаҥҥа айаҥҥа.

«Газификация индивидуального жилого дома» диэн хайысха эбиллибитэ. Онон дьон гаас оборудованиетын ылыыга уонна дьиэҕэ гааһы тардыыга анаммыт тутууларга хапытаалы туттуон сөп.

This post was published on 05.12.2023 12:33 12:33