80-тан тахса киһи уонна 10-тан тахса тиэхиникэ Баатаҕайга дамбаны бөҕөргөтөллөр

Дьааҥы улууһун Баатаҕай бөһүөлэгэр уу таһыма үрдүүрүгэр бэлэмнэнэллэр. От ыйын 13 күнүгэр, күнүс 12 чааска,  уу таһыма 890 см тэҥнэһэр, бу туһунан СИА-ҕа Егор Шестаков иһитиннэрдэ.

«Уу кэлэ турар. 1 км уһуннаах даамбаны бөҕөргөтүүгэ үлэ салҕанар. Эбии кумахтаах куулу бэлэмниибит. Үлэҕэ барыта 80 киһи уонна 10-ча тиэхиникэ үлэлиир, ол иһигэр ыарахан тиэхиникэ — биир бульдозер, үс погрузчик, алта самосвал баар», — диэтэ Егор Шестаков.

Кини этэринэн, билигин Баатаҕайга ууга барбыт сир суох.

Бөһүөлэккэ Арктика киинин уопсай дьиэтин базатыгар 35 миэстэлээх быстах кэмҥэ олорор пуун аһылынна. Уотунан хааччыйыыга кыһалҕа суох. Үс хаһаайыстыба 15 төбө сүөһүтүн үрдүк сиргэ үүрдүлэр.

«Халаан уута суукка иһигэр муҥутуур таһымыгар тиийэрэ күүтүллэр. Бу долгун аастаҕына биһиги тулуйуохпут», — диэн Шестаков бэлиэтээтэ.

Саха сиринээҕи ЫБМ иһитиннэрбитинэн, сууккаҕа Дьааҥы оройуонун сиригэр-уотугар икки нэһилиэнньэлээх пуун — Томтор уонна Токума ууттан босхолонно. 275  учаастак, ол иһигэр 52 олорор дьиэ, Бөтөҥкөс, Боронук уонна Верхоянскай нэһилиэктэригэр ууга сыталлар.

This post was published on 13.07.2022 15:03 15:03