8-тан 16-гар диэри саастаах оҕолорго ыйдааҕы босуобуйаны соҕотох төрөппүттэр тэйиччиттэн, Госуслуга порталын нөҥүө оҥотторуохтара. Бу туһунан РФ үлэҕэ миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрбитин «Российская газета» суруйар.
Миниистир иһитиннэрбитинэн ыйдааҕы босуобуйа ортотунан 5650 солкуобайга тэҥнэһиэ. «Үлэ министиэристибэтэ сотору кэминэн босуобуйаҕа сайаапканы Госуслуга порталын нөҥүө биэрэри хааччыйыа», — диэтэ Котяков.
Бэҕэһээ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха этиитин кэмигэр 8 — 16 саастаах оҕолордоох кыммат ыалга эбии көмө көрөрүн туһунан иһитиннэрбитэ.
Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн көмө харчы кымммат ыалга төлөнөр. Босуобуйаны суут быһаарыытынан алимены ылар эбэтэр биир төрөппүтэ өлбүт, сүппүт эбэтэр оҕо төрөөбүтүн туоһулуур сибидиэтэлистибэҕэ аҕа аата суруллубатах соҕотох төрөппүттэр ылаллар.
This post was published on 22.04.2021 11:01 11:01