8-17 cаастаах оҕолорго көрүллэр саҥа босуобуйа дьоҥҥо тириэрдиллиитэ саҕаланна

РФ Президенэ Владимир Путин сорудаҕынан, 8-17 cаастаах оҕолорго саҥа босуобуйа көрүллэр. Бу күннэргэ төлөбүр тустаахтарга ыытыллыыта саҕаланна.

Оҕолорго босуобуйа биэриитэ саҕаланна. Ыам ыйын 8 күнүттэн төрөппүттэр харчыны тутан эрэллэр. Муус устар уонна ыам ыйын төлөбүрдэрин холбуу ылыахтара. Бу туһунан премьер-миниистир Михаил Мишустин иһитиннэрдэ.

Босуобуйа кээмэйэ төрөппүт дохуотуттан тутулуктанан, оҕо тиийинэн олоруутун кээмэйин 50%, 75% эбэтэр 100% буолуон сөп. Россияҕа ортотунан биирдии оҕоҕо — 6000 — 12000 солк тэҥ. Саха сиригэр 2022 сылтан бу суума улааппыта. Үлэлиир нэһилиэнньэҕэ — 20 828 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 16 433 солк., оҕолорго – 19 854 солк., диэн СИА-ҕа үлэ министиэристибэтэ эрдэ иһитиннэрбитэ.

Босуобуйаны МФЦ, биэнсийэ пуондатыгар эбэтэр «Госуслуги» судаарыстыбаннай өҥө порталынан сайаапка биэрэн ылыллар.

This post was published on 12.05.2022 09:01 09:01