Боруулаах култууратын киинигэр «Дойдум салгына» ырыа түһүлгэтэ буолан ааста. Тэрээһин Арассыыйаҕа култуура нэһилиэстибэтин, Саха автономията төрүттэммитэ 100 сылларыгар уонна Дьааҥыга «Ийэ сыла» биллэриллибитигэр ананна.
Саала көрөөччұлэринэн туолла. Тыыннаах дорҕоону илдьэ сылдьар Табалаахтан оройуоннааҕы, зонатааҕы, республикатааҕы фестиваллар лауреаттара, Табалаахтааҕы «Дьүкээбил», Боруулаахтан 2019 сыллаахха тэриллибит «Байдын» (салайааччы Юрий Божедонов) вокальнай-инструментальнай ансаамбыллар доҕуhуолларынан урукку-хойукку ырыалар иhилиннилэр.
Саха эстрадатын биллэр ырыаhыта Николай Слепцов — Цой Коля ырыата, бииртэн биир ураты тембрдаах толорооччулар көрөөччұлэри кытта ситими олохтоон, кэнсиэр биир тыынынан ааста.
Салгыы оройуон кииниттэн 300-кэ килэмиэтирдээх ыраах сытар Суордаах нэhилиэгэр «Таастан кутуллар дорҕоон» диэн ұгэскэ кубулуйбут ырыа кұрэҕэ ыытылынна. Кұрэххэ быйыл ыаллыы сытар Эбээн-Бытантай, Сэбээн Кұөл ырыаhыттара кытта кэлбиттэрэ тэрээhин хабаанын кэңэттэ.
Суордаах нэhилиэгэ тэрээhиңңэ бұтұннұұ кытынна. Ким дьону аhатта, ким дьону хоннордо.
Хас биирдии кыттааччы өттүк харалаах, илии тутуурдаах барарыгар бириистэри Дьокуускайтан тиийэ атыылаhан, ону таhынан нэhилиэк урбаанньыттара, маҕаhыыннар, биирдиилээн дьон спонсордаан туруордулар.
Суордаахтар биир ұөрұұлэринэн быйыл саңа култуура дьиэтин тутуу сыбаайата тұhэриллиэхтээх.
Ааптар: Раиса Чирикова, Дьааҥы улууһа