Саха сирин энергокомплексыгар чугастааҕы сылларга источниктары сөргүтүү уон бырыһыаны ылыаҕа. Региоҥҥа 72 гибриднай электроыстаансыйа тутар былаан баар. Ол туһунан Айсен Николаев «Россия 24» ханаалга ВЭФ-2022 былаһааккатыттан эттэ.
Саха сирэ — децентрализованнай энергетикалаах бөдөҥ регион, манна 143-тэн тахса эбийиэк туспа дизельнай электрыстаансыйа. Бу салааны модернизациялааһын өрөспүүбүлүкэ былааһа инники күөҥҥэ тутар боппуруоһа.
««РусГидро» хампаанньаны кытта РФ бырабыыталыстыбатын, Уһук Илини сайыннарыы министерствотын кытта улахан суолталаах бырайыагы оҥоробут — саҥа 72 гибриднай электроыстаансыйаны тутабыт, энергияны оҥорон таһаарыыга дизельнай генерацияны уонна күн эбэтэр тыал күүһүн туһаныллар», — диэтэ Айсен Николаев.
This post was published on 07.09.2022 14:28 14:28