70 саастаах суоппар дьахтар массыына курун баана олорбут буолан быһылааҥҥа чэпчэкитик эчэйдэ

Дзержинскэй уонна Строительнай уулуссалара быһа охсуһууларыгар 70 уонна 26 саастаах суоппар дьахталлар суол быһылаанын таһаардылар.


Быһылааҥҥа эдэрэ буруйдаах буолан биэрдэ. Кини «Тойота Пассо» массыынанан сылдьан хаҥас диэки салайаары «Тойота Ками» массыынаҕа салгыы айанныырыгар кыаҕы биэрбэтэх. Эдэр дьахтар суоппардаабыт ыстааһа 3 сыл.

Охсууттан «Ками» массыына эргийэн хаалла, 70 саастаах суоппар дьахтар массыына курун баана олорбут буолан чэпчэкитик эчэйдэ.

Ытыктабыллаах суоппардар, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Айаҥҥа болҕомтолоох буолуҥ!», — диэн суолга куттал суох буолуутун хааччыйар инспекция пропаганда отдела ыҥырар.

This post was published on 29.08.2016 16:23 16:23