7-гэр диэри саастаах оҕолоох төрөппүт "больничнайын" 100% төлүүр туһунан Путин эттэ

MOSCOW REGION, RUSSIA - AUGUST 20, 2020: Russia's President Vladimir Putin during a video conference meeting with graduates of the Management Personnel Pool program at the Novo-Ogaryovo residence. Alexei Nikolsky/Russian Presidential Press and Information Office/TASS Ðîññèÿ. Ìîñêîâñêàÿ îáëàñòü. Ïðåçèäåíò ÐÔ Âëàäèìèð Ïóòèí â Íîâî-Îãàðåâî ïðîâîäèò âñòðå÷ó â ðåæèìå âèäåîêîíôåðåíöèè ñ âûïóñêíèêàìè ïðîãðàììû ðàçâèòèÿ êàäðîâîãî óïðàâëåí÷åñêîãî ðåçåðâà. Àëåêñåé Íèêîëüñêèé/ïðåññ-ñëóæáà ïðåçèäåíòà ÐÔ/ÒÀÑÑ

РФ Президиэнэ Владимир Путин бырабыыталыстыбаҕа 7-гэр диэри саастаах оҕолоох төрөппүт больничнайын толору төлүүр туһунан боппуруоуһу көрөллөрүгэр сорудахтаата. Санатар эбит буоллахха, больничнай үлэ ыстааһыттан көрөн төлөнөр. Сорудаҕы толоруу туһунан дакылаат 2020 сыл ахсынньы 1 күнүгэр бэлэм буолуохтаах. Кремль саайта суруйар диэн,  иһитиннэрэр ТАСС.


«7-гэр диэри саастаах оҕолоох төрөппүт ыалдьан быстах кэмҥэ үлэлээбэтэҕэр көрүллэр босуобуйатын, кини үлэтин ыстааһыттан тутулуга суох, 100 бырыһыан уйунар туһунан боппуруоһу көрөргө. Төлөбүр үбүлээһинин иэнин уонна источнигын быһаарарга», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.

Сорудах туолуута — ахсынньы 1 күнэ.

Билигин баар сокуон быһыытынан больничнай үлэһит ыстааһыттан көрөн төлөнөр. 8 уонна онтон үөһэ ыстаастаах — 100% орто хамнастан, 5-тэн 8 сылга диэри — 80%, 5 сылга диэри — 60%.

This post was published on 27.10.2020 10:01 10:01