Саха сиригэр 2025 сыл аҕыс ыйыгар 6931 оҕо төрөөтө, онтон 3583 уол уонна 3348 кыыс. Бу туһунан ЯРМИАЦ иһитиннэрэр.
«2025 сыл атырдьах ыйыгар 886 оҕо саҥа төрөөтө: 448 уол уонна 438 кыыс. Бу көрдөрүүлэр туруктаах демографическай балаһыанньаны уонна ийэлэр уонна оҕолор доруобуйаларын өйөөһүҥҥэ регион медицинскэй тэрилтэлэрин үлэлэрин суолтатын көрдөрөллөр», — диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи медицинскэй информационнай-аналитическай кииҥҥэ иһитиннэрдилэр.
Эрдэ ЯСИА Владимир Путин Саха сиригэр нэһилиэнньэ улаатарын бэлиэтээбитин иһитиннэрбитэ. 2020 сылтан регионҥа элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннара 10% эбиллэн, 34, 6 тыһыынчаттан тахса буолла.