649 оскуолаҕа 35 кылаас коронавирустан сабыылаах

Саха сирин үрдүнэн 317 оскуола уруккулуу, 292 буккуйа, 40 тэйиччиттэн үлэлиир. Бу туһунан бүгүн вице-премьер Сергей Местников иһитиннэрдэ.


Ааспыт сууккаҕа кириип, тумуу ыарыытыттан Кэбээйи улууһун Арыылаах, Сэбээн-Күөл нэһилиэктэрин оскуолалара, Өлүөхүмэ улууһун Солянка нэһилиэгин орто оскуолата тэйиччиттэн үөрэххэ көстүлэр.

21 оскуолаҕа 39 кылаас сабыылааҕыттан, 35-һэ коронавирус ыарыытыттан, түөрдэ – тумуу, кириип үрдээһиниттэн. Ол иһигэр Дьокуускайга – 13, Горнайга, Өлүөхүмэҕэ – иккилии, Жатайга, Алдан, Муома, Сунтаар улуустарыгар – биирдии.  

Бүгүҥҥүттэн Алдан улууһунааҕы Томмоттооҕу оскуола-интэринээт үлэтин саҕалаата.

Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 799 оҕо саада үлэлиир. Үс оҕо саада харантыыҥҥа сабыылаах: Сунтаар Кириэстээҕэр, Дьааҥы Суордааҕар, Амма Сулҕаччытыгар.

37  оҕо саадыгар 88 бөлөх сабыылаах, Дьокуускайга – 13, Ньурбаҕа – 19, Хаҥаласка – икки, Аммаҕа Үөһээ Бүлүүгэ, Тааттаҕа – биирдии.

21 орто анал үөрэх тэрилтэтэ тэйиччиттэн үлэлиир, 20 – буккуйа. Уруккулуу Черскэйдээҕи Аартыкаатааҕы колледж итиэннэ оробуочай идэлэргэ үөрэтэр Тиксиитээҕи киин.

This post was published on 24.11.2020 18:01 18:01