Бааннар 160-тан тахса дьиэҕэ кирэдьиити чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын чэрчитинэн IT-хампаанньалар үлэһиттэригэр биэрдилэр. Ол туһунан суруйар ТАСС.
«Бырагыраамаҕа интэриэс баар. 7,5 тыһыынчаттан тахса сайаапка киирдэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ бэриллибит суума 1 миллиард солк буолла. Саамай көхтөөхтүк Санкт-Петербург, Москва уонна Свердловскай уобалас кытталлар», – диэн эттэ «Минцифра» баһылыгын солбуйааччы Максим Паршин.
Бырагыраама ыам ыйын бүтэһигиттэн үлэтэ саҕаламмыта. 52 үп тэрилтэтэ кыттар. Былаан быһыытынан 240 миллиард солк бэриллиэхтээх. Бырагырааманан 2024 сыл бүтүөр диэри 50 тыһ киһи туттуохтаах.
Ипотеканан IT-хампаанньалар сотрудниктара, 22 — 45 саастаахтар, ааҕыллыытынан 150 тыһ солк хамнасттаахтар куорат-миллионниктарга уонна 100 тыһ солк хамнастаахтар атын нэһилиэнньэлээх пууннарга олорооччулар туһаналлар.
Хаартыска: Freepik
This post was published on 08.06.2022 13:01 13:01