Дьокуускайга «Серебряные коньки» фигурнай хатааһылааһын күрэхтэһиитэ саҕаланна. 5- тэн 10- гар диэри саастаах 60- тан тахса эдэр спортсмен кыттыаҕа.
«Covid-19 ыарыыттан сылтаан уһун кэмнээх хааччахтааһын кэнниттэн фигурнай хатааһылааһыҥҥа күрэхтэһиилэри сөргүтэбит. Оҕолор бу күрэхтэһиилэри олус сөбүлүүллэр уонна мууска тахсалларын күүтэллэр. Бары саҥа бырагыраамалаахтар уонна көстүүмнээхтэр», — диэн СИА-ҕа фигурнай хатааһылааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ федерациятын бэрэсэдьиэнэ Елена Татаринова үллэһиннэ.
«Эллэй Боотур» спорткомплекс мууһугар барыта 67 кыттааччы күрэхтэһиэҕэ.
Күрэхтэһии ахсынньы 4 күнүгэр диэри барыаҕа, тэрээһин «Зима начинается с Якутии» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар.
This post was published on 02.12.2022 12:03 12:03