Ыам ыйын 15 күнэ дьиэ-кэргэн күнэ. Мин бүгүн 60 сыл бииргэ олорбут Анна Ионовна, Иван Васильевич Копыриннар тустарынан сэһэргиэхпин баҕардым. Кинилэр бу күннэргэ «Бриллиант сыбаайбаларын» бэлиэтииллэр, оҕо-уруу, аймах-билэ, доҕор-атас, дьүөгэ-ыалларын эҕэрдэтин туталлар.
Уус-Алдан улууһугар айылҕаттан бэриһиннэриилээх, талба талааннаах талыы талба дьонноох Бээрийэҕэ Парасковья Гаврильевна, Ион Степанович Васильевтар дьиэ кэргэннэригэр 1939 сыллаахха иккис оҕонон кыыс бэбээрэ ытаабыта. Кыыстарыгар алла турар астаах, үллэ турар күөстээх буоллун диэн Ааныска диэн анал ааты иҥэрбиттэрэ.
Анна Ионовна оччотооҕу оҕолор оонньоммотох оҕо саастарын биир тыыннаах туоһута буолан, олох араас уларыйыыларыттан куттаммакка, атын буолары атыҥыраабакка, аныгы олох хардыытыгар сөп түбэһэрдии дьаһанан олорор. Кини ытык сааска үктэммит олоҕун уһун лиэнтэтэ кустук бары өҥүнэн оонньоон күн бүгүҥҥүгэ тиэртэҕэ.
Ааныска кыра эрдэҕиттэн кыһалҕаны нарын саннынан тыыран, аччыктыыры, тоҥору-хатары чахчы даҕаны этинэн-хаанынан билэ улааппыта. Бэйэтин тэҥнээхтэриттэн, саастыылаахтарыттан уратыта — дьаһаллаах, түргэн-тарҕан туттунуулаах, ылыннарыылаах тыллаах, саҥаны-сонуну ылынымтыа, ыарахаттартан иҥнибэккэ-толлубакка, «маннык буолбатах буоллаҕына маннык» диэн суолу тобулара, саҕалаабытын хайаан да тиһэҕэр тиэрдэн, этэргэ дылы, иккиттэн биирин билэн тэйэрэ. Бу этиллибит хаачыстыбалара инники олоҕор сүрүн күүс буолбуттара мөккүөрэ суох. Олох хайа да эйгэтигэр киирдэҕинэ кими баҕарар кытта уопсай тылы булара, сайдар-үүнэр суолу тобулара сылдьыбыт сирдэрин, үлэлээбит тэрилтэлэрин мэлдьи инники күөҥҥэ таһаарара. Кини үлэлээбит эйгэтэ:
1) Культура
2) Үөрэхтээһин
3) Комсомольскай салайааччы
4) Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолору иитии-үөрэтии
5) Сэбиэт – салайар тэрийэр уорган
6) Атыы-тутуу, эргиэн.
Манна барытыгар сөптөөх хайысханы булан, кыайыынан кынаттанан, ситиһиинэн ситимнэнэн бу күҥҥэ диэритин үлүмнэс үөрүүлээх.
Иван Васильевич Уус-Алдан улууһун саамай уһук, тыытыллыбатах кэрэ айылҕалаах, бултаах-астаах нэһилиэгэр Түүлээххэ Хаттыгы диэн учаастакка элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн бэйэтин кыанарынан, талаан тарбаҕынан, үөрэҕэр дьоҕурдааҕынан аатырара. Соҕотох ийэҕэ иитиллэн, оҕо эрдэҕиттэн тыа ыалын олоҕор эр киһи тугу гынарын барытын оҥоро-тута, ыпсара үөрэммитэ кэлин олоҕор көмөлөөҕүн туһунан кэпсээччи. Билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах, үлэҕэ баҕалаах эдэр киһи Бээрийэҕэ оскуола дириэктэригэр тиийэ үүммүтэ. Хатаска кэлэн баран оҕо дьоҕурун, сатабылын арыйыыга туһуламмыт үлэҕэ таһаарыылаахтык үлэлээн, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, «Маастар учуутал» диэн бочуоттаах ааттардаах. Кини оҥорбут сэргэлэрэ Хатас бэлиэ сирдэригэр төрүт үгэспит өлбөт-сүппэт бэлиэтэ буолан, күн бүгүн даҕаны бааллар. Иван Васильевич «Кыым», «Ленинскэй тэрийээччи», «Бэлэм буол» хаһыаттар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрэ этэ, «Тэтим» радиоҕа эмиэ «Хатастан Иван Копырин» диэн элбэхтэ иһиллэрэ.
Чоҕул харах үөрүүтэ, эдэр саас күлүмэ, нохтолоох сүрэх долгуйуута таптал ыраас иэйиитигэр бэринэн, «эн миэнэҕин, мин эйиэнэбин» диэн күндүттэн күндү тыллар этиллэннэр, 1962 сыллаахха Иван уонна Анна Копыриннар дьиэ кэргэттэрэ тэриллибитэ, уруу малааһына буолбута.
4 уол оҕону күн сирин көрдөрөн, күн бүгүн аҕа ууһун ааттатар, ийэ ууһун тэнитэр көлүөнэ ситимэ дьонноохтор.
Анналаах Иван ол күнтэн күн бүгүҥҥүгэ диэри 60 сыл тухары бииргэлэр, күн бүгүҥҥүгэ диэри эйэ-дэмнээхтэр. Копыриннар билиҥҥи олоххо дэҥҥэ көстөр үс көлүөнэ буолан, бииргэ олороллор, күнтэн күн, ыйтан ый, сылтан сыл олох уларыйыытын бииргэ түҥэттэллэр. Бука ол да иһин буолуо дьылҕа бэлэҕэ буолан, Анна Ионовна бэйэтин төрөөбүт күнүгэр кыыс оҕо сиэннэннэҕэ, үйэ ситимэ оҥоһуннаҕа. Ол курдук, 70 туоларыгар сибиэһэй салгын буолан, минньигэс сытынан тунуйан киирбит Динара Копырина эбэтин ааҕы кытта бииргэ олорор. Аныгы олох хардыытын биллэрэр, сайдыылаах олох тэтимин биэрэр Айтал, Сулустаан Копыриннар оскуола сонунун кэпсииллэр, чуораанныы чуопчаараллар. Улахан сиэннэр номнуо бэйэлэрэ ийэ-аҕа буоланнар Копыриннар хос эбэ, хос эһэ аатын сүгэллэр.
Улахан уоллара Александр Иванович аҕатын суолун тутуһан эдэр эрдэҕиттэн музей үлэтигэр наһаа интэриэстээх этэ. Ол баҕата туолан, күн киһи киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин сайдыытыгар-үүнүүтүгэр улахан оруоллаах, дириҥ суолталаах Нам улууһун устуоруйатын эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хас эмит түмэли салайан үлэлэтэр. СӨ култууратын туйгуна.
Орто уол Иван Иванович кыра эрдэҕиттэн бэйэтин кыанар, спорт, чөл олох туһугар диэн анаммыт олохтоох. Биир кэрэхсэбиллээх хайысхата кини саханы саха дэппит мас-рестлинг сайдыытын саҕахтарын арыйсыбыт уонна күн бүгүн даҕаны ол туһугар үлэлиир киһибит буолар. Киһи хайа баҕарар эрчиллэн, сыал-сорук туруорунан Арассыыйа да, дойдулар икки ардылырынааҕы да таһымҥа тиийиэххэ сөбүн дакаастаан, ыарахан атлетикаҕа улахан көрдөрүүлэрдээх. СӨ мас тардыһыыга маастара, РФ пауэрлифтиҥҥэ маастара.
1981 сыл Копыриннарга тосту уларыйыыны оҥорбут. Билигин, ааспытын кэннэ санаатахха, олус хорсун хардыы оҥоһуллубут. Уоллара Вася доруобуйатын туһугар киин сири булбуттара. Хаһан да үктэммэтэх, билбэтэх сирдэригэр Хатаска кэлбиттэрэ. Дьэ манна буоллаҕа дьоҥҥо үтүө сыһыан, аһаҕас дууһалаах буолуу эппиэтэ. Кэлбиттэрэ да тигинэччи үлэлээн, нэһилиэк олоҕор сонно тута киирэн, олох тэтимин туппуттара. Бэрт сотору Анна Ионовна Дьокуускай куорат туонатыгар атыы-эргиэн эйгэтигэр үтүө үлэһиттэр ахсааннарыгар киирбитэ.
Василий кыра эрдэҕиттэн дьонун дьиҥ чахчы дириҥ тапталларыгар сууланан улааппыта. Улаатан кэргэннэнэн, оҕолонон баран, доруобуйатынан хаарчахтаах дьон олохторугар кыра да буоллун, улахан да буоллун туох эмит сырдыгы, сылааһы аҕалларбын диэн бэйэтинэн холобур буолан, араас тэрээһиннэри бэйэтэ да тэрийэр, тэрийээччилэргэ да көмөлөһөр. Онно кини маҥнайгы сүбэһитэ, өйөбүл доҕор киһитэ, ыйааччыта-кэрдээччитэ, салайааччыта кэргэнэ Туйаара Люминаровна буолар.
Эһээ аатын сүгэр Ион уол эйэҕэс-сайаҕас ийэлээх аҕатыгар илии-атах, куруутун чугас киһилэрэ буолар. Уоллаах кыыһа ыаллар.
Анна Ионовна төһө да сынньалаҥҥа олордор нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕун тыгыалас тымырын тутан олорор. Ол курдук «Алгыс» бэтэрээннэр кулууптарын көхтөөх кыттыылааҕа, кэлин сылларга хаттаан сөргүтүллүбүт түөлбэ үлэтин биир бастыҥ хамсатааччыта, ис сүрэҕиттэн ыалдьааччыта. Мааны киһи Хатас уонна Уус Алдан улууһун Түүлээх нэһилиэгин «Бочуоттаах олохтооҕо» буолбута, кини олоҕун чаҕылхай туоһута дии саныыбын.
Биир бэйэтэ биэс буолбут, биэс бэйэлэрэ 50 буолбут Копыриннар дьиэ-кэргэннэринэн киэн туттуоҕуҥ.
Бу күннэргэ Копыриннары «Тускул» КК «Сиэрдээх ыал» бырагыраама чэрчитинэн олохтоох дьаһалтаны кытта чиэстээһин буолуоҕа.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас