Чурапчы улууһугар олорор учуутал инвестицияҕа угабын диэн 3 мөл. солкуобайтан тахса харчытын түөкүттэргэ албыннатта.
Бу туһунан СӨ ИДьМ иһитиннэрэр.
53 саастаах Чурапчы олохтооҕо бэс ыйын саҥатыгар интэриниэт ситимигэр реклама баарыгар хараҕа хатана түспүт, онно «Газпромбанк» инвестиционнай былаһааккатыгар сигэнэн киирэҥҥин анкета толороҕун диэн эбит. Ол кэнниттэн кыра тест толорбут, тус бэйэтин дааннайдарын ыйан суруйбут. Дьиҥэ, олох даҕаны «Газпромбанк» онно туох даҕаны сыһыана суох эбит.
Сотору буолан баран киниэхэ төлөпүөннээбиттэр, «тириэньэрдэрэ» эрийэннэр «биисинэскэ-эргитии» саҕаламмыт. Бэс ыйын 14 күнүгэр бастакы 10000 солкуобайын ыыппыт. Инвестор харчытын эргитэн барбыт, ол эрээри уу харчыны таһаарыы уустук буолбут. Оннук «инвестициялаабытын» түмүгэр дьахтар 3000000-н тахса харчытын түөкүттэргэ ыыппыт.
Кэнники биллибитинэн, учууталбыт элбэх харчыта суох эбит, ол эрээри аһара үлүһүйэн, араас бааннартан кирэдьиит ылан ыыппыт.
Сайаана Львова, Саха сирэ
This post was published on 26.07.2023 20:00 20:00