Саха сирин бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Терещенко СИА-ҕа Россия бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев отчуотун туһунан санаатын үллэһиннэ.
Максим Терещенко этэринэн, Медведев этиитин чунуобунньуктар үлэлииргэ быһаччы сорудах курдук сыаналыахтаахтар.
“Биһиги урутаан сайдар сири-уоту сайыннарыахтаахпыт, маныаха сүрүн болҕомтобутун ситэ уурбатах хайысхаларбытын умнубакка туран. Маны сэргэ тэрилтэлэр оҥорон таһаарыыга көрдөрүүлэрин тупсаралларын туһугар ханнык идеялары биһиги министиэристибэбит киллэриэхтээҕин туһунан толкуйдуохтаахпыт”, — диэтэ Терещенко.
This post was published on 13.04.2018 14:47 14:47