24 Сэтинньи 24.11
  • -27°
  • $ 102,58
  • 107,43

5%-наах ипотеканы кимнээх ылаллар?

17:31, 18 сентября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сыл бастакы аҥаара ааһан, номнуо күһүммүт кэлэ оҕуста. Кэнники кэмҥэ социальнай эйгэҕэ, сокуоннарга уларыйыылар таҕыстылар.


         5%-наах ипотека бырагыраамата Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, Арассыыйа үрдүнэн үлэлээн барда (Арассыыйаҕа – 6%). Урут ылбыт ипотека кирэдьиитин бырыһыанын эмиэ кыччатыахха сөп (рефинансирование). Бырагыраама 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2022 сыл бүтүөр диэри иккис, үһүс уонна онтон кэлэр оҕолоро төрөөбүт ыалларга ананар. Кирэдьиит суумата 6 мөлүйүөн солкуобайтан тахса буолуо суохтаах. Бастакы усунуос – 20%.

Усулуобуйа быһыытынан, саҥа тутулла турар эбэтэр тутуллубут дьиэни ылар көҥүллэнэр. Чааһынай киһиттэн атыылаһар бобуллар. Тутуллубута хас да сыл буолбут (иккис ырыынакка) дьиэни чааһынай дьонтон Уһук Илин эрэгийиэнигэр тыа сиригэр эрэ атыылаһар көҥүллэнэр. Онон Саха сиригэр куоракка саҥа тутуллар дьиэни, оттон тыа сиригэр ханнык баҕарар дьиэни чэпчэтиилээх ипотеканан ылыахха сөп.

Судаарыстыба бааннарга бу бырагырааманы үлэлэтэллэригэр субсидия биэрэр. Сорох бааннар бу бырагырааманан үлэлээбэттэр. 5%-наах ипотеканы ханнык бааннар биэрэллэрий?

▪️ ВТБ — 5%

▪️ “Газпромбаан” — 4,9%

▪️ «Россельхозбаан” — 5,2%,

  • “Сбербаан” – 5%,
  • «Совкомбаан» — 6%, о.д.а.

Былырыыҥҥы бырагыраамаҕа чэпчэтиилээх ипотеканы 3-5 сылга эрэ биэрэр буоллахтарына, 2019 сылтан кирэдьиит бүтүөр диэри бырыһыана чэпчиир буолла.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА