Саха сирин предпринимателэ Александр Васильев – Байдам уус Казахстааҥҥа саха быһахтарын таһаарар туһунан бөдөҥ хантараак түһэристэ. Бу Саха сиригэр ыаллыы судаарыстыбаҕа саха быһаҕын таһаарыыга бастакы уопут, диэн суруйда өрөспүүбүлүкэҕэ экспорт өйүүр киин.
Александр Васильев төрүт уус, норуот маастара, дипломнаах худуоһунньук, ювелир, норуоттар ардыларынааҕы быыстапкалар кыайыылаахтара уонна призердара.
Саха быһаҕын оҥоруунан 15 сыл дьарыктанар. Ол тухары ыстаал курдук хатарылынна. Билигин бэйэтэ сыахтаах.
Саас Казахстааҥҥа бара сылдьыбыта, онно хантараак түһэристэ.
«Докумуоҥҥа олоҕуран, билигин Казахстааҥҥа бастакы баартыйа барда — 45 саха быһаҕа. Уопсай суумата 300 тыһ солк. Быһаҕы сэргэ астаналар биһиги харысхалларбытыгар уонна талисманнарбытыгар интэриэстэрэ улаатта», — диэтэ Александр Васильев.
This post was published on 12.12.2023 14:01 14:01