Саҥа аныгыылыы моһуоннаах оҕо уһуйаана, чөкө олбуордар, ыраас уулуссалар… Маннык нэһилиэк Саха сиригэр элбэх. Олортон биирдэстэрэ —Өлүөнэ эбэ тардыытыгар сытар Хаҥалас улууһун II Дьөппөн нэһилиэгэ. Ыччат саастаах көхтөөх дьон баар буолан, нэһилиэк олоҕо оргуйан олорор. Ол тыа хаһаайыстыбатын чааһыгар эмиэ биллэр.
Эдэр фермер
Дьөппөн олохтооҕо, эдэр фермер 27 саастаах Геннадий Самсонов үлэтин күнэ сарсыарда 5:00 чааска саҕаланар. Кини хотонугар 44 төбө сүөһүлээх, ыанарынан 24. Оҕо эрдэҕиттэн хотон улэтигэр сыстаҕас уол Покровскайдааҕы технология коллеһын бутэрээт, Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университекка менеджер идэтин баһылаабыт.
Гена былырыын «Саҕалааччы фермер» диэн федеральнай бырагырааманан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө 1 мөл. 500 тыһ. солкуобайдаах грант сүүйэн, хаһаайыстыбатын хаҥаппыт. «Беларусь» тыраахтыр, УАЗ микроавтобус массыына уонна оту пресстиир тэрили атыыласпыт. Гена ынахтарын үүтүн туттарар, эт атыылыыр, кыһыҥҥы кэмҥэ сүөгэйдээн тоҥорор, эргинэр. Үйэлэрин тухары сүөһү үлэтигэр эриллибит төрөппүттэрэ киниэхэ көмө-ньыма буолаллар. Гена үрдүк үөрэҕи бүтэрээт, куоракка хаалбатах. «Дойдубар тахсан сүөһү иитэбин» диэн чуо-бааччы эппитэ – диир ийэтэ.
Биэс үлэ миэстэтэ таҕыста
«Күрүлгэн» ыччат түмсүүтэ «Эдэр аграрник» диэн бырайыактаах. Онон быйыл Ил дархан 1 мөл. 250 тыһ. солкуобайдаах гранын кыайан, нэһилиэк кэпэрэтиибигэр эбии 28 сүөһүнү атыыластылар. Хотону өрүмүөннээн, салҕааһыннаан саҥартылар. Билигин биэс үлэ миэстэтэ таҕыста – биир буҕаалтыр, түөрт ыанньыксыт. Ыччаты Дьөппөҥҥө күүтэллэр, саҥа түөрт кыбартыыралаах уопсай дьиэҕэ олохтуохтара. Быйыл биир оннук уопсай үлэҕэ киирэн, түөрт эдэр ыал олохсуйда. Эһиил өссө биир тутуллуохтаах.
Ыччат чааһынай бизнестээх
Дьөппөҥҥө командировкаҕа сылдьан «Олох куорат курдук олороллор эбит» — дии санаатыбыт. Манна компьютернай кулууп үлэлиир. Тыҥырах лаахтыыр, бөрүчүөскэлиир, сирэйи оҥорор кыргыттар, торт, бурдук аһа оҥорон атыыллыыр дьахталлар, сыбаайба, бырааһынньык киэһэлэрэ буолар саалатын сакааһынан киэргэтэр ыччат баар эбит. Өссө таҥас сууйтарар прачечнай арылаары турар – дииллэр дьөппөттөр.
This post was published on 19.07.2016 21:19 21:19