400-тэн тахса спортсмен Бэрдьигэстээххэ буолар парабэстибээлгэ кыттыаҕа

Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр от ыйын 15 — 18 күннэригэр доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи культурнай-спортивнай бэстибээллэрэ буолуоҕа.

Парабэстибээлгэ 400-тэн тахса спортсмен кыттыаҕа. Олорон эрэ волейбол, бинтиэпкэнэн ытыы, хабылык, хаамыска, нуучча дуобата тэриллиэҕэ.

«Ийэ Хотун» уонна «Эрчимэн Бэргэн» куонкурустар ыытыллыахтара.

This post was published on 28.06.2022 15:01 15:01