Бырабыыталыстыба 35- гэр диэри саастаах эдэр дьону босхо үөрэтии бырагырааматын тарҕатта,-диэн премьер-миниистир Михаил Мишустин иһитиннэрдэ.
Пандемия үлэ ырыынагар улаханнык сабыдыаллаабытын, элбэх киһи үлэтин сүтэрбитин, эбэтэр уларытарга күһэллибитин санатта. Дьарыктаах буолууну чөлүгэр түһэрэргэ кэккэ дьаһаллар ылыллыбыттар. Ол иһигэр, «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, босхо үөрэхтээһин бырагыраамата кэҥэтиллибитин биллэрдэ.
«Билигин хат атын үөрэххэ босхо үөрэнээһин бырагырааматын аҕа саастаах уонна кыра оҕолоох ийэлэргэ эрэ буолбакка, 35-гэр диэри саастаах ыччакка, армия кэнниттэн эбэтэр үөрэхтэрин бүтэрэн баран түөрт ыйтан ордук үлэлээбэккэ сылдьар дьоҥҥо тарҕатыахпыт. Туһааннаах уураахха илии баттанна», — диэтэ премьер-миниистир. («Интерфакс»)
«Итиннэ анаан бүддьүөттэн 1,2 миллиард солкуобайы биэриэхпит», — диэтэ кини.
«Быйылгы сылга үөрэҕи уларытааһын бырагырааматыгар барыта 150 тыһыынча Арассыыйа олохтооҕун ылыахтарын сөп уонна ити сыалга 8,5 миллиард солкуобайтан тахса үп көрүлүннэ», — диэн Мишустин эрэннэрдэ.
This post was published on 11.02.2022 13:01 13:01