Галина Данчикова Таатта Чымнаайытыгар сырытта

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова салайааччылаах бырабыыталыстыба делегацията ыам ыйын 11 күнүгэр Таатта улууhун Чымнаайы нэһилиэгэр кэлэ сырытта.


Галина Данчикова олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрүстэ. Урукку өттүгэр нэһилиэк үстэ бүтүннүү ууга баран турардаах. Олохтоохтор этэллэринэн, Ил Дархан үстэ Чымнаайы хайдахтаах курдук ууга барарын бэйэтэ кэлэн көрөн, билсэн барбыт. Ол кэнниттэн оҥоһуллубут быһаччы көмөҕө тирэҕирэн нэһилиэк өрүттэн, өрө тахсыылаахтык, тиргиччи үлэлии-хамсыы олорор. Нэһилиэк тупсаҕайынан, ырааһынан атын нэһилиэктэртэн ураты: Ийэҕэ, Аҕаҕа, Тапталга анаммыт сквердэр, бэл фонтан баар. Сылын аайы улууска ыытыллар тупсаҕай көстүү куонкуруһугар чымынаайылар инники кирбиини ыһыктыбаттар. Ити барыта биллэн турар, баһылык Егор Васильев сыралаах үлэтин үтүө түмүгэ.

Галина Данчикова салайааччылаах бырабыыталыстыба бөлөҕүн кытта көрсүһүүгэ нэһилиэк баһылыга Егор Васильев Амма өрүс биэрэгин бөҕөргөтүүнү уонна муоста тутуутун туруоруста.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

This post was published on 12.05.2016 11:41 11:41