Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө Дьокуускай куорат 33 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр нэдиэлэни арыйыыга улахан тэрээһин буолан ааста.
Оҕолор, учууталлар уонна төрөппүттэр көмөлөрүнэн, бу күн оскуола үөрэнээччилэрин киирэр аантан саҕалаан сахалыы сиэдэрэйдик киэргэтиллэн, саламаланан көрүстэ. Сандалы остуол тула оҕолор сахалыы остуол оонньууларыгар күрэхтэстилэр.
Тэрээһини үөрүүлээхтик оскуола иһинэн дьарыктанар «Карусель» үҥкүү куруһуогун (салайааччы Обулахова М.Н.) 2б, 2в кылааһын оҕолоро «Дети земли Олонхо» диэн үҥкүүлэринэн арыйдылар. Оскуола салайааччыта Тамара Семеновна Таюрская саха оҕото бэйэтин саҥарар сахалыы тылын сүтэрбэтин, умнубатын туһугар иитиигэ улахан оруолу төрөппүт, учуутал олук уурарын бэлиэтээтэ. Ол кэннэ алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин кылаастарын билиһиннэрэн бииртэн биир кэрэхсэбиллээх нүөмэрдэри көрдөрдүлэр. Оҕолор кырдьык даҕаны, «мин сахабын, мин сахалыы саҥарабын» диэн саха поэттарын хоһоонноруттан быһа тардан, уус-ураннык ааҕан иһитиннэрдилэр.
С.Зверев-Кыыл Уола төрүттээбит киэҥник биллэр «Оһуор» үҥкүүтүгэр бары туран флешмоб уонна оһуокай үҥкүүлээтилэр. Бу күн саҥа сонун үгэскэ олоҕуран, үөрэнээччилэр уонна учууталлар сахалыы таҥастарын кэтэн олорон үөрэннилэр.
Тэрээһин сыалын-соругун ситтэ. Саха тыла сүппэтин, умнуллубатын туһугар оҕолору умсугутуу, төрөөбүт дойдуга тапталы, ытыктабылы, киэн туттууну иҥэрии, оҕолору патриотическай тыыҥҥа, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга иитии, тыл, этии, тыл-өс култууратын сайыннарыыны толору арылынна.
This post was published on 02.03.2017 14:23 14:23