23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саҥа премьера Куприян Михайлов үбүлүөйүгэр ананар

16:00, 28 апреля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 30 күнүгэр Саха тыйаатыра бэйэтин көрөөччүлэрин өссө биир премьераҕа ыҥырар. Михаил Апросимов «Оҕо сүрэҕэ тааска» кэмиэдийэтэ Саха тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Куприян Михайлов 65 сааһыгар ананар.


х х х

            Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Куприян Михайловы көрөөччүлэр тыйаатыр уонна киинэ артыыһын, гитаралаах ырыаһыт, ырыа айааччы быһыытынан үчүгэйдик билэллэр.

1980-с сыллардаахха Мария Обутова-Эверстова «Өйдөһүү» испэктээкилигэр биригэдьиир Толя оруолун оонньуу сылдьан, 5 ырыаны айыаҕыттан ыла гитара арахсыспат доҕоро буолбута. Мелодист быһыытынан гастролларга кэнсиэртэргэ уонна испэктээкиллэргэ анаан 25 ырыаны айбытыттан уон ырыата «Саха» НКИХ музыкальнай фондатыгар харалла сытар. 2011 с. 23 ырыатыттан таҥан «Эргиллэммин көрөбүн элэс гыммыт эдэрбин» диэн компакт-диискэ таһаартарбыта.

Кэнники кэмнэргэ кинини араас дьаһалларга былааҕытын тутан, ойуун таҥаһын-сабын кэтэн сиэр-туом толорорун, омуктуу саҥарарын, ыллыырын-туойарын элбэхтик көрүөххэ сөп. Биир идэлээҕэ, СӨ народнай артыыската Мария Варламова таптаан хоһуйарыныы, «кэпсээнньит кэрэһитэ буолан, кэмэ суох кэҕийэ кэпсиир, көрдөөхтүк күппээллии күллэртиир, уутугар-хаарыгар киирдэҕинэ, оһуобай турукка оҕуннаҕына, ураты талаана арыллар, уолан сааһа эргиллэр». Онтон   «Хайаан да эргиллиэм» испэктээкилгэ репрессияламмыт А.П.Рязанскайы уонна дьоппуон капитана Куроки оруолугар 4 араас омук тылынан саҥаран уобараһын арыйбыта К.Михайлов омук тылыгар кутун туттарбытын, дьаныһан туран омук тылын баһылыырын туоһулуур.

1984 с. аан бастаан Румынияҕа, онтон Канадаҕа, Кытайга, Великобританияҕа, Америкаҕа фольклор фестивалларыгар, аан дойдутааҕы дьаарбаҥкаларга, омук тылын үөрэтэр стажировкаларга уонна турист быһыытынан сылдьан кэлбитин туһунан сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ сиһилии кэпсиир.

Дьэ, итинник киһи – «Ырыа Киппии» дэтэр Куприян Васильевич Михайлов.

Тапталлаах артыыспыт бүгүн «Саха ыалыгар» ыалдьыттыырын быһыытынан, бэйэтэ этэринии, элэс гыммыт эдэр саастарын, төрүттэрин-уустарын диэки эргиллэн ыллыбыт.

Х х х

– Чурапчы улууһун Дириҥ с. Хоптоҕо нэһилиэгэр күн сирин көрөн, 1974 с. Москваҕа Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены бүтэриэхпиттэн Саха тыйаатырын артыыһа буолар дьылҕалана сылдьабын.   Олоҕум аргыһа Изабелла Кононовна инженер-технолог уонна финансист идэлээх. Уолбут Александр тутааччы-инженеринэн, кыыспыт Анна экономиһынан үлэлииллэр. Күммүт-ыйбыт тахсар, мурун бүөтэ сиэннэрдээхпит.

Аҕам, кадровай булчут Василий Семенович Михайловтан (Үгүрүө Баһылайтан) уонна ийэм Анна Куприяновна Михайловаттан (Посельскаяттан) төрөөн-ууһаан бу кэпсээн кэҕийэ олордоҕум. Кэргэним сыдьааннарбыт тустарынан   кинигэни күн сирин көрдөрөн, биһиги аймахха тугунан да сыаналаммат бэлэҕи оҥордо.

Сэгэйэ сүүрэ-көтө сылдьар, эдэрдии эрчимнээх кырдьаҕас эбит. Чурапчыттан, Амма Сулҕаччытыттан тардыылаахпын, оттон аҕам Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх. Харысхал «Эргиллиэм хайаан да» испэктээкилигэр оонньообут Афанасий Рязанскайы дьиҥнээх хаан аймаҕым эбит.   Бастакы премьераны кини аймахтара кэлэн көрбүттэрэ миэхэ ордук долгутуулаах этэ. Харысхал этэринэн, А.Рязанскай уола Америкаҕа үлэлээбит, сиэнэ Австралияҕа олорор. Мин төрүттэрим сэбиэскэй былаас иннинэ Франциянан, Англиянан, Германиянан үөрэммиттэр. Ийэм аймахтара тимир, мас уустара Посельскайдар этилэр. Афанасий Мунхалов дойдутугар Күндүл диэн дэриэбинэҕэ (Мэлдьэхсигэ) таҥара дьиэтин олбуорун уонна куупалын   хос эһэм Куприян оҥорбут.

Аҕам Василий Семенович тоҥус, татаар, нуучча, саха хаана буккуспут буолан буолуо, нууччалыы эттэххэ, олус темпераменнаах, дохсун майгылааҕа. Аҕам ити хаачыстыбатын баппытым үчүгэй да, куһаҕан да өрүттээх дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, дохсун, хорсун киһини омуктар өйдүүллэр, сэҥээрэллэр. Оттон бэйэм дьонум өйдүө суохтарын сөп. Арыгыны испэккэ, табах тардыбакка, гитараны доҕор-атас оҥостон, үөрэр-көтөр, дьоллонор турукка кэбэҕэстик киирэрим аҕам майгытын сабыдыала буолуон сөп.

Аҕабын «ойууннааһыны, олоҥхолооһуну Оҕо дьиэтин иитиллээччилэригэр көрдөрдүҥ» диэн сэмэлээн тураллар. Аҕам ардыгар киһиттэн таһынан тылланарын-өстөнөрүн иһин саатар эбиппин. Кини баҕатынан учуутал буолуохтаах киһи, күрээн кэриэтэ Москваҕа үөрэнэ барбытым.   Дьиҥэр, аҕам улахан бөлүһүөк кырдьаҕас эбит.

Ийэм чурапчылары көһөрүүгэ сылдьыбыт буолан, олох ыарахаттарын, эрэйи-муҥу этинэн-хаанынан билбитэ.   Наһаа сымнаҕас, оҕолорун хаһан да мөхпөт-эппэт этэ. Көһөрүүгэ сылдьыбытын кэпсээбэт буолара. Хомусчут уонна кыралаан ыллыыр эбит эрээри, онтун дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэрбэтэҕэ. Биэс уол, биир кыыс оҕону соҕотоҕун кэриэтэ көрбүтэ. Оҕо эрдэхпиттэн санаам түргэнник көтөҕүллэр майгылаах этим эрээри, «остуорас оҕото» диэн сэнииллэриттэн сүр баттатарым. Ол эрэн, үчүгэйгэ тардыһыым, үөрэхтэнэн, үлэһит буола охсор санаам күүстээҕэ. Миигин үөрэппит сэбиэскэй кэмнээҕи   оскуолабар махталым муҥура суох. Оскуолам сырдыкка, үчүгэйгэ сирдээбит буолан, сэнээбит оҕолоро өчөһөн да туран, киһи-хара буоларга, киһи сиэринэн олорорго дьулустаҕым дии. Туох да босхо кэлбэтин, бу олоххо үлэлээн эрэ ситиһиэххэ сөбүн өйдүү улааппытым. Артыыс буолан, ыал буолан эрэ баран, киһи тэҥэ сананан, баттана сылдьыбыт санааларбын көҥүл ыыттаҕым.

Оскуолаҕа Юрий Алексеевич Погасин диэн учуутал английскай тылга дьаныһан туран үөрэппитэ. Онон английскай тылы билэр буоламмын, театр омук сиригэр тахса илигинэ аан бастаан 1984 с. Румынияҕа баран кэлбитим. Онтон 64 сааспар Америкаҕа соҕотоҕун баран кэллим.

Оо, оруоллар…

– Бастакы оруолум Суорун Омоллоон «Сайсары» драматыгар Бохуом диэн кыһыл бартыһаан этэ. Арыт санаан көрдөхпүнэ, үксүгэр омсолоох оруоллары оонньоон кэллим. Дэлэҕэ даҕаны сорох көрөөччүлэрим: «Эн тоҕо наар арыгыһыт, бардам тойон, террорист, чиччик, көссүү уо.д.а .киһи сэҥээрбэт оруолларын оонньуугун?» – диэн ыйытыахтара дуо? Ол эрэн, бииртэн үөрэбин, ол аата миигин көрөөччүлэрим билэллэр, күүтэллэр.

Тыйаатырга оруолларбын сэргэ бэйэбин атын өттүнэн арыйа, ыллыы-туойа, испэктээкиллэртэн быһа тардыылары көрдөрө, омук тылын үөрэтэ сылдьыбытым туһалаах буолла. Омук сиригэр төһө баҕарар тахсаммын, тылбаасчыта суох уонна искусство тылынан кэпсэтэбин, артыыстыыбын.

Онон билигин олохпор миигин гитарам уонна омук тылын билиим быыһыы-абырыы сылдьар. Үөрдэхпинэ да, хомойдохпуна да гитарабын ыллым да, харахтан сыыһы ылбыт курдук буолабын. Гитараны омук барыта өйдүүр. Иккис көмүскэлим уонна абыралым – омук тылларын үөрэтии.

Ити курдук, олоҕум улахан аҥарын Саха тыйаатырыга анаабыппар, күн бүгүҥҥэ диэри театр артыыһа буола сылдьарбар кылаабынай режиссербут Андрей Борисовка, тыйаатыр дириэктэрэ Анатолий Николаевка, бииргэ үлэлиир артыыстарбар, театр кэлэктиибигэр, дьылҕабар махтанабын.

Изалаах буоламмын…

– 23 сааспын туолан үөрэхпин бүтэрэн кэлэрбэр биһиги дьиэ кэргэн ийэтэ-аҕата суох буола түспүппүт. Онон үс бырааппын, икки оҕобун кэргэним Изабелла Кононовна көрбүтэ-истибитэ. Биллэрин курдук, биһиги, артыыстар, үксүн дьиэбитигэр-уоппутугар суохпут. Кэргэним артыыс чэпчэкитэ суох идэтин өйдөөбөтө, күнүүһүтэ дуу, уолҕамдьыта дуу эбитэ буоллар, билиҥҥи Киппии хайдах буолуо эбитэ буолла? Кини миигин ийэлии аһынар-харыһыйар, оҕолорбун бэйэтэ кэриэтэ ииппитин билиниэх кэриҥнээхпин . Оҕолорбутун үлэнэн ииппиппит. Мин курдук кэргэнинэн дьоллоох киһи, арааһа, артыыстар ортолоругар аһара элбэҕэ суоҕа буолуо.

ххх

Куприян Васильевичтыын уонна Изабелла Кононовналыын кинилэр музей-саалаларыгар – бэйэлэрэ этэллэринии, «Куприян Михайлов албан аатын хоһугар» ирэ-хоро кэпсэттибит. Музей-саалаларыгар диэн мээнэҕэ эппэтим. Михайловтар улахан саалаларын ыал аҕа баһылыга, артыыс Куприян Михайлов айар үлэтигэр анаабыттар. Сааланы барытын кини айар үлэтин уонна олоҕун кэпсиир хаартыскалар, хаһыакка тахсыбыт матырыйааллар, араас наҕараадалар, мэтээллэр, истиҥ бэлэхтэр киэргэтэллэр. Биир бэйэм маны саха дьахтара, бэриниилээх кэргэн Изабелла Кононовна артыыс идэтигэр тапталын, кэргэнинэн киэн туттуутун туоһутунан ылынным. Оттон биир муннукка туруоруллубут гитара хаһаайын кэлэн «Үчүгэйиэн тыыннаах буолар», «Үөрүүбүтүн үллэстиэҕин», «Дьоллоох буол, маҥнайгы тапталым» уо.д.а ырыаларын ыллаан, кэргэнин чараас дууһатын уоскутуоҕун кэтэһэргэ дылы…

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА