Алдаҥҥа булчуттар күрэстэстилэр

Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыгын Ыйааҕынан аҕыйах сылтан бэттэх Булчут күнэ ыытыллар. Сылын аайы улуустарга бу күнү көхтөөхтүк ылар буоллулар. Ол гынан баран 40-тан тахса общиналар, 12 мөл. тахса гектар иэннээх бултуур сирдээх, уонунан тыһыынча булка сылдьар дьоннордоох оройуоҥҥа Булт күнүн аан бастаан ыллылар.


Муус устар 10 күнүгэр Булт күнүгэр уонна Аҕалар күннэригэр аналлаах “Бултамни” диэн ааттаах күрэхтэһини Хатыыстыырдааҕы култуурунай-сынньанар Киин уонна Оҕо спортвнай оскуолата тэрийиилэринэн бөһүөлэк олохтоохторо 5 түөлбэҕэ арахсан биатлоҥҥа, наартаны ойууга, сүгэни быраҕыыга, гиирэни анньыыга “Суоллаах” диэн күөлгэ күөн көрүстүлэр.

Кыра саастаах оҕолор булт суолун таба быһаарарга күрэхтэстилэр. Оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Олег Федоров: “Булт күнүн ыытыынан эдэр ыччаты булчут идэтигэр уһуйабыт, киэҥник тарҕатабыт. Дьиҥнээх булчут айылҕаны, кыылы-сүөлү харыстыыр, уоран бултуур дьону утары үлэни ыытар. Булчут ханнык баҕарар булт саатынан үчүгэйдик туттар, сыалын сыыспакка ытар, ханнык булт хаһан кэлэн ааспытын эндэппэккэ билэн быһаарар буолуохтаах, бу идэни баһылыырга бэйэни кыанар күүс, буһуу-хатыы, сымса түргэн туттуу, булугас өй, түргэн сөптөөх быһаарыыны ылыныы, эрдээх буолуу ирдэнэр. Ону бүгүн күрэхтэһээччилэр эҥкилэ суох көрдөрүлэр”-диэн эттэ.

6 түһүмэх кэнниттэн кыайыылаахтарынан буоллулар:

1миэстэ- Өктөөбүрдээҕи түөлбэ, 2миэстэ –Хатыыстыырдааҕы түөлбэ бастакы хамаандата, 3 миэстэ- Хатыыстыырдааҕы түөлбэ иккис хамаандата.

Ыраас, чэбдик салгыҥҥа Булчут күнүгэр аналлаах күрэхтэһиини ыыппыт дьоҥҥо уонна кыттааччыларга махталбытын биллэрэбит, маннык тэрээһиннэр араас саастаах дьону түмэ тардар, чөл олоххо, сынньалаҥы туһалаахтык атаарыыга угуйар. Булчут күнэ үгүс үөрүүнү көтүүнү, чэбдик буолууну, элбэх былааннары үөскэттэ. “Бултамни” күрэхтэһиини мантан антах сылын аайы ыытарга быһаарыы ылынныбыт”- диэн күрэхтэһиини махтал тылларынан түмүктээтэ Култуура Дьиэтин дириэктэрэ Ольга Старостина.

 Бырааһынньыкка олохтоохтор ыҥырыыларынан Хатыыстыырга христианскай итэҕэли тарҕатар сыалынан кэлэ сылдьар иерей Евгений Куценко кыттыыны ылла уонна эҕэрдэлээтэ: “Бу бырааһыньык Өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Алдаҥҥа Аҕалар күннэрин ыытыы бириэмэтигэр сөп түбэһэн ыытылла турар. Киһи үөрэрэ баар Саха сиригэр аҕа оруолун үрдэтии биир сүрүн соругунан буолар. Баҕарбын дьэ кэргэҥҥэ барыларыгар кытаанах доруобуйаны, байылыат, эйэлээх, иллээх олоҕу”- диэн эттэ.

This post was published on 20.04.2016 10:05 10:05