23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

"Бичик" кинигэ кыһатын үлэһиттэрэ ааҕааччылардыын көрүстүлэр

15:22, 11 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу дьыл муус устар 6 күнүгэр С.А. Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын 90 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээх, Табаҕа бөһүөлэктэригэр нэһилиэнньэни, үөрэнээччилэри кытта көрсүһүү уонна Өлөчөйгө кинигэ атыыта буолан ааста.


Илин эҥээр улуустарга биир бастакынан тутуллубут таҥара дьиэлээх, баай матырыйааллаах музейдаах Бүтэйдээх оскуолатыгар олохтоох кыраайы үөрэтээччи учуутал К.К. Родионов нэһилиэгин былыргытыттан интэриэһинэй чахчылары кэпсээбитэ кэрэхсэттэ.

Табаҕа оскуолатыгар көрсүһүү музейтан саҕаланна. Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Уол Табаҕа ытык-мааны сириттэн үүнэн-сайдан тахсыбыт саха норуотун киэн туттар дьоно олоҥхоһут Тоҥ Суорун, Амынньыкы Уус, Р.А. Бурнашов уо.д.а. тустарынан оскуола үлэһиттэрэ үгүс матырыйаалы көрдөрдүлэр, киэн тутта сэһэргээтилэр.

Тэрээһиҥҥэ кыһа сүрүннүүр эрэдээктэрэ В.Н. Луковцев, «Чолбон» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ, суруйааччы Д.Н. Макеев, Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин методист-эрэдээктэрэ М.Г. Никифорова, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуламмыт литература эрэдээксийэтин эрэдээктэрэ У.А. Семенова нэһилиэктэр олохтоохторун, оскуола үөрэнээччилэрин кытта атах тэпсэн олорон истиҥник сэһэргэстилэр, санаа атастастылар. Тэрилтэлэрин үлэтин-хамнаһын сырдаттылар, саҥа тахсыбыт кинигэлэри билиһиннэрдилэр, 90 сыллаах үбүлүөйдээх сылы көрсө туох сонун бырайыактар, былааннар баалларын туһунан кэпсээтилэр. Маны таһынан, саҥа тахсыбыт үөрэх кинигэлэрин, методическай босуобуйалары билиһиннэрдилэр. Д.Н. Макеев «Чолбон» сурунаал үбүлүөйдээх сылын тэрээһиннэрин, сонун бырайыактарын туһунан сэһэргээтэ. Олохтоох учууталлар, оҕолор болҕойон сэргээн иһиттилэр, кэпсэтиигэ кыттыһан үгүс интэриэһиргэтэр ыйытыыларын биэрдилэр, этии киллэрдилэр, баҕа санааларын үллэһиннилэр. Ол курдук, классик суруйааччылар айымньылара, көрдөрөр-үөрэтэр матырыйааллар, нэһилиэк историятын туһунан уо.д.а. ис хоһоонноох кинигэлэр тахсыахтарын баҕаралларын эттилэр.

Аныгы технология, интернет балысханнык сайдар, баһылыыр-көһүлүүр кэмигэр эдэр ыччат ааҕыыга көхтөөҕө киһини үөрдэр, инникигэ кынаттыыр. Оскуола үөрэнээччилэрэ фантастика хабааннаах кинигэлэр, комикстар, Саха сирин историятын, географиятын туһунан суруйуулар киэҥ эйгэҕэ тахсан оҕо-аймах болҕомтотун тардыаҕын туһунан этиилэрэ кэм ирдэбилэ буолар. «Бичик» үлэһиттэрэ көрсүһүү аайы өттүк харалаах, илии тутуурдаах сылдьар идэлээхтэр. Ол курдук, үгэс буолбут «Бастыҥ ааҕар оҕо», «Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн» диэн анал ааттар, ону сэргэ көхтөөхтүк кыттыбыт оҕолорго, дьоҥҥо-сэргэҕэ өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар. Бибилэтиэкэлэр саҥа кинигэлэри бэлэх ылан үөрүүлэрэ үксээтэ.

Ааҕыы сайдыытын таһымын үрдэтэр сыаллаах-соруктаах иһирэх кэпсэтии, дьон-сэргэ санаатын түмэ тардан атах тэпсэн олорон истиҥник сэһэргэһии, биир санааны тобулан, инникини түстээн санаа атастаһыыта саҥа саҕахтары арыйыаҕа, кэскиллээҕи тэрийиэҕэ. Кинигэҕэ үйэтитиллэр уус-уран литература, төрөөбүт төрүт тыл, устуоруйа, духуобунай култуура, норуот ийэ өйө, дириҥ далай санаата саха киһитин ис кыаҕын арыйан сайдыы алгыстаах аартыгар сирдиэҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар